Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатыра Үлэ сылыгар анаан ыыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолорго уруһуй күрэҕэр үгүс улуустан кытыннылар.
Алексей Павлов салайааччылаах СӨ Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра Саха сиригэр Үлэ сылын чэрчитинэн кулун тутар 20 күнүттэн муус устар 20 күнүгэр диэри «Үлэ барыта үчүгэй, идэ барыта бочуоттаах» оҕолорго аналлаах уруһуйга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи биллэрбитэ.
Күрэх сүрүн сыалынан-соругунан үүнэн эрэр көлүөнэ өйүгэр-санаатыгар дойдуга бэриниилээх буолуу өйдөбүлүн иҥэрии уонна уруһуй нөҥүө оҕону үлэҕэ, үөрэххэ ыҥырыы буолбута. Усулуобуйа быһыытынан, кыттааччы оҕо үлэһит киһини көрдөрөр, үлэ тиэмэтин арыйар ойуулары уруһуйдаан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын электроннай почтатыгар ыытыахтааҕа, диэн СИА-ҕа суруйда тыйаатыр.
Күрэххэ өрөспүүбүлүкэбит үгүс муннугуттан: Дьокуускай куораттан, Булуҥ, Өймөкөөн, Бүлүү, Нам, Мэҥэ Хаҥалас уонна да атын улуустартан 60 тахса оҕо кыттыыны ылла. Күрэххэ үлэ үтүөтүн арыйар, идэ эгэлгэтин көрдөрөр бэртээхэй уруһуйдар киирдилэр.
Түмүк ыам ыйын 1 күнүгэр, «Үлэ, саас, маай» бырааһынньыгар, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын sakhatuz.ru саайтыгар уонна куйаар ситимнэригэр таҕыста. Күрэс түмүгүнэн, хас биирдии бөлөххө биир кыайыылаах оҕо быһаарылынна.
Кыттыбыт оҕолорго, кинилэр төрөппүттэригэр, учууталларыгар, уһуйааччыларыгар дириҥ, истиҥ улахан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бука барыгытыгар куруук ситиһии эрэ сиэттистин, табыллыы эрэ таарыйдын, үөрүү эрэ үмүөрүстүн, хайҕабыл эрэ ханыыластын, кэрэ эрэ кэккэлэстин, туйгун доруобуйа эрэ дьиэлэннин, дьол эрэ доҕордостун, — диэтилэр тыйаатыр кэлэктиибэ.
This post was published on 03.05.2023 12:07 12:07