Үүнэр көлүөнэ театра Саха сиригэр биллэриллибит Доруобуйа сылын арыйда. Николай Якутскай «Сир кыыһа» айымньытыгар олоҕуран «Дар луны» онлайн-испэктээги 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа үлэһиттэрин оҕолоругар көрдөрдө, тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Дар луны» остуоруйаны СӨ култууратын туйгуна Розалия Тартакынова туруорда. ZOOM-ханаалынан көрдөрүлүннэ.
Ыйтан бэлэх туппут үтүө санаалаах кыыс туһунан көрдөрүүнү оҕолор, кинилэр төрөппүттэрэ сэҥээрдилэр.
«Биһиги олохпут туһугар түүннэри-күнүстэри охсуһар дьоммутугар — быраастарга, медсиэстэрэлэргэ, волонтердарга — барыларыгар махтанабыт. Кинилэр биир сылы быһа сыстыганнаах дьаҥтан биһиги доруобуйабыт айгыраабатын туһугар турууластылар. Кинилэр үлэлэригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит!», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
This post was published on 25.01.2021 12:01 12:01