Неймохов киинэ буолбут кинигэлэрэ

Кулун тутар 3 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар «Киинэ буолбут кинигэлэр» тэрээһин сэргэхтик ааста. Бу күн народнай суруйааччы Егор Неймохов «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» детективнэй сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут саҥа киинэ туһунан кэпсэттилэр.


Тэрээһиҥҥэ суруйааччы музата, киинэ сценаристарыттан биирдэстэрэ, култуура туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Мария Неймохова, сүрүн дьоруой Дьулус Дмитриев прототиба Макар Яковлев, Саха театрыгар туруоруллубут «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» медиа-испэктээкил режиссера, СӨ народнай артыыската Зоя Багынанова кытыннылар.

Макар Яковлев өссө 28 саастааҕар силиэстийэлээн тиһэҕэр тириэрдибит, кэлин детективнэй сэһэҥҥэ киирбит дьулаан быһылааннар тустарынан урукку уонна билиҥҥи көрүүлэрин тэҥнии тутан интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Ону сэргэ уус-уран сэһэн уонна киинэ уһуллуутун уратыларыгар, силиэдэбэтэл үлэтин ымпыгар-чымпыгар сиһилии тохтоото. «Бу олоххо ыалдьыт курдук кэлэн барабыт, олоҕу харыстыахха, элбэхтик үлэлиэххэ наада. Киинэни хаачыстыбалаахтык устубуттар. Итинник сайдыылаах, талааннаах ыччаттаах буоллахпытына, Саха сиригэр киинэ индустрията сайдыыһы», – диэн киинэ уһулааччыларга махталын тириэртэ.

Мария Петровна истээччилэргэ туһаайан «Суруналыыс уонна суруйааччы туох уратылааҕый?» диэн ыйытта уонна кэргэнин тылларын холобурдаан: «Егор Неймохов «Суруналыыс кэпсиир, онтон суруйааччы көрдөрөр» диэн этиини тумус туттара. Үгүс ааҕааччы Егор Неймохов айымньыларын аахтахпына, кини тугу суруйбута харахпар көстөн кэлэр, айымньы иһигэр киирэн хаалабын, дьоруойдары кытта тэбис тэҥҥэ сылдьар буолабын диир. Ол да иһин, кини айымньылара кииинэ буолан тахсаллар эбит диэн толкуйдуубун. «Көтүү» диэн айымньытын киинэ оҥоруохха наада диэн баҕа санааларын этэллэр», – диэтэ.

Кырдьыга да, Саха сиригэр уус-уран киинэни устуу инникилээх буолуоҕун кэрэһилээбит «Хара мааска», «Ильмен үрдүнэн туруйалар» киинэлэр Егор Неймохов айымньыларынан суруллубуттарын саныы түһэҕин уонна ол киинэлэр омсолоох да, биһирэмнээх да дьоруойдара хараххар көстөн кэлэллэр.

Бу көрсүһүү кыттыылаахтара, чуолаан ыччаттар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха сирин хомсомуолун бириэмийэтин лауреата, Томпо улууһун Бочуоттаах гражданина Егор Неймохов олоҕун, айар үлэтин туһунан элбэҕи биллилэр. Өссө баҕар ким эмэ народнай суруйааччы «Хапсыһыы», «Көтүү», «Хаһыы» уо.д.а. айымньыларын ааҕан, киинэ оҥорорго холонор ыра санааланнаҕа.

This post was published on 04.03.2016 10:46 10:46