Саха сиригэр биир нэдиэлэ иһигэр коронавируһунан ыалдьыы түбэлтэлэрэ 52% үрдээтэ. Ордук омикрон-штаммын бэлиэтииллэр. COVID-19-тан быһыыта суохтар ыарыыны быдан ыараханнык аһардаллар.
Оптуорунньукка өрөспүүбүлүкэ оперштабын мунньаҕар, Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьева, COVID-19 чинчийиитэ региоҥҥа омикрон ВА4 уонна ВА5 саҥа көрүҥнэрэ баалларын көрдөрдө, диэн иһитиннэрдэ.
«Бу көрүҥнэр ордук түргэнник тарҕаналлар. Саха сирин сиригэр-уотугар «Кентавр» диэн ааттаммыт омикрон штама суох диэн бэлиэтиибин. «Кентавр» диэн омикрон штамма ВА2.75 буолар», — диэн Игнатьева тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ коронавирус ыарыыта 52% үрдээтэ, ол иһигэр Дьокуускай куоракка – 12,6% . Ыалдьыбыт дьон 76%- на – улахан дьон, 24% — оҕолор.
This post was published on 26.07.2022 16:09 16:09