Нэһилиэнньэ, тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһэ саҕаланна

Атырдьах ыйыгар Амма улууһугар тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус биэрэпиһэ ыытыллыа. Улуус бары тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларын таһынан ыһыы сирдээх, оҕуруоттаах, тэпилииссэлээх, сүөһүлээх кэтэх хаһаайыстыбалар 68%-ын хабыахтара. Бу туһунан СИА «Амма олоҕо» хаһыакка сигэнэн суруйар.


Итини сэргэ бүгүҥҥүттэн Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр нэһилиэнньэ биэрэпиһэ саҕаланна. Ый устата 1 биэрэписчит 140 ыалы кэрийэн, 346 киһини суруйуо. Улуус атын 14 нэһилиэгэр биэрэпис алтынньыга ыытыллыа.

Барыллаан суоттааһынынан улууска киһи аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. 2010 сыллаахтан, бүтэһигин ыытыллыбыт биэрэпис кэннэ, улууска эбии 3878 киһи кэлбит, 5949 киһи көһөн барбыт, 107 киһи олохтон туораабыт.

Улууска ити кэмҥэ нэһилиэнньэ 52,3% нуучча, 6,2% украинец, 4,2% эбээн, 29,0% саха омук буолаллара бэлиэтэммит.

This post was published on 02.08.2021 15:01 15:01