Нэһилиэнньэ төһө дохуоту аахсыбытый?

Хаартыска: Саха сирэ саайт

2023 сыл түмүгүнэн 78 эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэ дьадайыыта аччаабыта бэлиэтэнэр. Бу туһунан рейтинг түмүктэрэ көрдөрөллөр.

Олохтоммут табаардар уонна өҥөлөр нобуордарын сыанатыгар орто дохуотунан көрдөххө, былырыыҥҥы курдук Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук үчүгэй көрдөрүүлээх. Бу эрэгийиэҥҥэ медианнай дохуот көрдөрүүтэ олохтоммут нобуорга 3,96 тэҥнэстэ.

Иккис миэстэҕэ – ньиэптээх-гаастаах Ненецкэй автономнай уокурук. Үһүскэ – Чукотка автономнай уокуруга (2,89). Ону тэҥэ биэс иһигэр Магадан уобалаһа уонна Москва киирдилэр.

Росстат чахчытынан, былырыын 2023 сылга Арассыыйа 8,5 % олохтооҕо дьадайыы таһымыгар баара бэлиэтэммитэ. Ол эрээри  кэнники 20 тахса сыл устата дьадайыы бэлиэтэниитэ 3 төгүл аччаабыт.

2023 сылга үс эрэгийиэҥҥэ ыйга 100 тыһыынчаттан тахса дохуоттаахтара билиннэ. Биллэн турар, Москва уонна сир баайын хостуур эрэгийиэннэр нэһилиэнньэ аахсар дохуотунан 2022 сылга инники иһэллэр, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 04.07.2024 15:02 15:02