Чыамайыкыга
Чыамайыкы нэһилиэгин олохтоохторо уонна Хочо, Тиэлиги, Бырама бөһүөлэктэриттэн салалта, дьон-сэргэ 80-тан тахса буолан кэлэн кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар. Туһааннаах нэһилиэктэр туруорсар боппуруостарын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, ааспыт сыллааҕы туруорсуулар боротокуолга киллэриллэн үөрэтиллэ сылдьалларын үөрэ иһиттилэр.
Ыпсар карьертан хостонор кумах, гравий тоҕо нэһилиэк бас билиитигэр суоҕун, биир да массыына баайы-дуолу босхо ылбаттарын, ынахха субсидия тоҕо көрүллүбэтин, туттарыллар эт, үүт сыанатын бэрээдэктииргэ өссө туох былааннар баалларын, сылгыга, көтөргө сиэтэргэ бурдугунан, сайынын олохтоохтор техникаҕа уматыгынан хааччыллыыларын, нефть баар эрээри уматык сыанатын тоҕо үрдэтиллэрин, электро-уот күүрүүтэ хамсыырыттан алдьаммыт электротехника ороскуотун хантан ирдэһэри, гаас ситимэ салгыы ханан ыытылларын, Өлүөнэ‒Туора Күөл уу ситимэ, тимир суол төһө көдьүүстээхтик туһаныллалларын, ОДьКХ тарыыбыгар уларытыылары киллэриини, Наахара балыыһатыгар оптимизация боппуруоһун, онуоха хайдах үбүлэнэри сурастылар. 1936 с. төрөөбүт кырдьаҕастар тыыл ветераныгар хаһан хапсалларын, «Сэрии тулаайаҕа» диэн статуска сокуонунан хаһан төлөбүр оҥоһуллуоҕун, пенсия алын кээмэйэ хаһан үрдэтиллэрин, үөрэҕи бүтэрбит ыччаты үлэнэн хааччыйыы боппуруоһун, үрдүкү таһымнаах мунньахтар тоҕо сахалыы тылынан ыытыллыбаттарын, Наахараттан Чыамайыкы диэки «Билайн» сотовай сибээс хаһан тупсарылларын, Аллараа Бэстээх маҕаһыыннарын санитарнай туруктарын кимнээх хонтуруоллуулларын ыйыталастылар.
I Наахара нэһилиэгин баһылыга Михаил Денисов тыл этиитигэр нэһилиэнньэ туруорсар боппуруостара хайдах толоруллан иһэригэр эппиэти үөһэттэн ыыталлара буоллар, дьон мунньахха интэриэһиргээн сылдьыаҕын бэлиэтээтэ. Саҥа кулууп дьиэтин бырайыагыттан иҥнэн «Үтүө дьыала» хамсааһыҥҥа киллэрбэттэрин, быйыл сөптөөх көмө баар буоллаҕына, көҥдөйүн тутар баҕалаахтарын кэпсээтэ итиэннэ саҥа оскуола, эдэр специалистарга аналлаах уопсай дьиэ тутуутун, күөллэрэ уолан, бөһүөлэккэ уу боппуруоһа кытааппытын, гидротехническэй тутууну программаҕа киллэртэрэри, бөһүөлэккэ уонна ыччат кыбаарталыгар электро-уот линиятын тутуутун туруоруста.
II Наахара нэһилиэгин баһылыга Василий Шестаков: «Дьиэни-уоту туттарга чугаһынан сөптөөх мас суох буолан, ыаллар дьиэлэрин матырыйаалын бүүс-бүтүннүү атыылаһан тутталлар. Онон киин ититэр ситимҥэ холбонуу боппуруоһа инники күөҥҥэ турар. Саҥа хочуолунай дьиэтэ хаһан тутуллара былааннанарын чопчу этэргит буоллар бэрт этэ. Үрдүк күүрүүлээх электро-уот линията тардыллара наада буолла. Спорт саалата төрдүттэн өрөмүөннэнэрэ эмиэ наада, дьаһалта үбэ-харчыта онуоха татым. Элбэх өрүттээх киини үһүс сылын тутабыт, онуоха көмөлөһөргүт буоллар диэн баҕалаахпыт», ‒ диэтэ.
«Бырамаҕа оскуола тутуллуута түмүктэнэрин баттаһа саҥа хочуолунай үлэҕэ киллэриллэрэ буоллар диэн көрдөһүүлээхпит. Кризиһи аахсыбакка, үүтү-хайаҕаһы тобулан сарбыллыы, бюджет үбэ-харчыта, араас программалар салгыы баар буолууларын ситиһиэҕиҥ. Былырыыҥҥы туруорсууларбыт олоххо киллэриллибиттэрэ хайҕаллаах», ‒ диэн Холгума нэһилиэгин баһылыга Гаврил Ефимов санаатын эттэ.
Чыамайыкыттан баһылык Гаврил Семенов бөһүөлэккэ саҥа хочуолунай тутуутун туруоруста. ФАП дьиэтин саҥардары иккис сылларын туруорсалларын, СР Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын нөҥүө программаҕа киллэртэрэр баҕалаахтарын бэлиэтээтэ. Тамма үрэх сүнньүн ыраастатарга, кэҥэтэргэ болҕомтону уурарга ыҥырда.
Егор Куприянов Чобурҕас, Чыамайыкы эбэлэр уулара уолбутунан, быһыт астарарга көмөлөһөллөрүгэр, субсидия үбүн-харчытын олохтоохтук туһанар инниттэн булгуччу отчуоттатар наадатын, оччоҕо эрэ сүөһү-ас эбиллэр чинчилээҕин, оттон Павел Дьячковскай суолу өрөмүөннүүргэ буору буолбакка, ходуһалар суолларыгар тааһы кутар көдьүүстээҕин, социальнай үлэһит Екатерина Захарова социальнай дьиэтэ тутулларыгар, оскуола директора Федор Белолюбскай ыраах сытар оскуолаларга уматыгынан үгүөрүтүк хааччыйарга, трансформатор эбии туруоруллан уот-күөс күүһүрдүллэригэр баҕа санааларын биллэрдилэр.
Табаҕаҕа
Күн иккис аҥарыгар отчуот Табаҕаҕа туруорулунна, манна Моорук, Алтан, Бүтэйдээх нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Отчуокка 113 киһи сырытта.
Алтан, Бүтэйдээх бөһүөлэктэригэр гаас ситимин тардыы былааҥҥа киллэриллиитэ ыарахаттардааҕа, электр-уот линията саҥардыллыыта, үүт субсидията, Табаҕа балыыһатыгар куойка сарбыллыыта, Абалаахха миэстэтигэр санаторийы сөргүтүү, Табаҕа ‒ Бүтэйдээх суол тутуллуута инники күөҥҥэ туруорулуннулар.
Тимир суол станциятын үлэтин-хамнаһын, «Дальнай Востоктааҕы гектар» туһунан сокуону, «Росагролизинг» нөҥүө атыыласпыт тракторга тоҕо субсидия көрүллүбэтин, сүөһү ахсаанын элбэтэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министерствота туох саҥа балаһыанньаны толкуйдуурун, сайылыктааһын программатын, эдэр фермердэргэ куонкуруһу ыйыталастылар. Саха ынаҕын ахсаанын элбэтэргэ нэһилиэктэринэн үлэни ыытар наадатын эттилэр. Табаҕаҕа бэркэ үлэлээн эрэр үүтү-аһы биир кэлим соҕотуопкалыыр комплекс материальнай базатын саҥардыыга туох көмө баар буолуоҕун, гаас оттук төлөбүрэ тоҕо үрдэтиллэрин, арыгыны көҥүлэ суох атыылааһыҥҥа ыстараап сыаната тоҕо кыратын ыйыталастылар.
Республикаҕа орто хамнас төһөҕө тэҥнэспитин, Дьокуускайга прописката суох дьиэ кэргэн оҕолорун маҥнайгы кылааска ханнык оскуолаҕа ылалларын, инбэлииттэргэ аналлаах толору хааччыллыылаах дьиэ хаһан тутулларын, тыа сиригэр ыччаты, эдэр дьиэ кэргэттэри олохсутууга туох көмө оҥоһулларын, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын государственнай академиятын бүтэрбит ыччаттар тоҕо нэһилиэктэргэ үлэлии тахсыбаттарын, оскуолаҕа, оҕо саадыгар төрөппүттэн тоҕо харчыны хомуйалларын сурастылар.
Табаҕаттан Поликарп Васильев Араҥас кыстык базатыгар агрокластеры тэрийэн, учаастагы саҥалыы сайыннарарга, сүөһүнү-аһы элбэтэргэ, онуоха гаас ситимин тартарар наадалааҕын туһунан баҕа санаатын биллэрдэ.
Ветеринарнай пуун салайааччыта Павел Слепцов балыыһа дьиэтэ хаста да халаан уутугар ылларан айгыраабытын, сыллата акылаата түһэн иһэринэн балыыһа тутуутун боппуруоһун түргэтэтэргэ эттэ, сайдыы бэрээдэгинэн кэҥэтиллэн иһэр оннугар оптимизация боппуруоһа күөрэйэн тахсара олуонатын, тыа сиригэр олох таһыма мөлтөҕүн, дьон-срэгэ үҥсэргээбэт буолуута баар суол буоларын бэлиэтээтэ.
Оскуола коллективыттан Иван Герасимов оскуола дьиэтэ олус тымныытын, түһэн иһэринэн, хамыыһыйа тэрийэн хаарбах туруктаах тутуу быһыытынан билинэргэ туруоруста. Павел Егоров: «Үөһэттэн политика ыытыллыбатынан сибээстээн, тыа сиригэр ыччат олохсуйбат буолла. Урукку курдук ыҥырыы таһаарар, хамсааһыны толкуйдуур уолдьаста дии саныыбын. Туһааннаах боппуруостарга астыннарар эппиэти биэрбэттэрэ баар суол», ‒ диэтэ.
Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Тимофеев саҥа кулууп дьиэтэ тутуллуутун «Үтүө дьыала» программаҕа киллэртэрэргэ күүс-көмө буоларга, оскуола дьиэтэ эргэрбитин болҕомтоҕо ыларга көрдөстө. Баһаарынай депо суоҕунан добровольнай хамаанданы дьаһалтаттан үбүлүүллэрин, онон Бүтэйдээҕи кытта биир баһаарынай депо тэриллэригэр хамнаһы үбүлүүргэ тылбай-өспөй буолалларыгар туруоруста. Өлөчөйдөргө иһэр уу кыһалҕата эмиэ сытыытык турарын эттилэр.
Бүтэйдээхтэн баһылык Алексей Игнатьев тыа сиригэр үөһэттэн болҕомто ууруллар буолбутун билэ-көрө сылдьалларын, тупсаран оҥоруунан сибээстээн үгүөрү көмө оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ. Дьаһалта бюджетын пропискалаахтар ахсааннарынан тыырар наадатын, баһаартан сэрэхтээх буолууга утары үбүлээһининэн даҕаны баһаарынай депо хамнаһын көрөрү туруоруста.
Тараҕай нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бурнашев кэлэр да сылларга «Хаарбах дьиэ» программаҕа үлэлэһэр баҕалаахтарын, бөһүөлэк аттынан аата-ахсаана суох улахан солооһуннары оҥорору нэһилиэнньэ утарсарын эттэ. «Абалаах» суолга быыла көппөт гына дьаһаныахтарын, тротуар оҥоруохтарын баҕаралларын, онуоха утарыта үбүлээһини көрдөстө.
Моорук нэһилиэгин баһылыга Петр Зыков гаас ситимэ тардыллан эрэринэн махтанарын эттэ уонна ФАП, оскуола дьиэлэрин тутуутун туруоруста. Оскуола директора Людмила Апросимова аҕыйах сылынан оскуола тэриллибитэ 100 сыла туоларын иһитиннэрдэ. 1964 с. тутуллубут оскуола дьиэтэ тымныытын, ааспыт сылга «малокомплектнай» статуһа суох оҥоһуллубутун төннөрөргө туруоруста.
Чыамайыкы уонна Табаҕа нэһилиэктэригэр түмсүбүт олохтоохтор отчуот түмүгүнэн үлэни-хамнаһы биһирииллэрин, үчүгэйинэн сыаналыылларын биллэрдилэр.
Түмүккэ отчуоттуур бөлөх салайааччыта Афанасий Владимиров республика салалтатын иннигэр туруоруллубут соруктары сырдатта. Быйылгы сылга дьон-сэргэ үлэтигэр-хамнаһыгар дохуота намтатыллыа суохтааҕын, оҥорон таһаарыыны үрдэтэр, дьиэ тутуутун 600 тыһыынча кв.м итэҕэһэ суоҕу ыытар, 2050 сылга диэри республика сайдыытын стратегията оҥоһуллара былааннанарын билиһиннэрдэ итиэннэ республикаҕа биллэриллибит Тупсаран оҥоруу сылыгар бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ ыҥырда.
This post was published on 05.02.2016 15:59 15:59