Саха сиригэр социальнай страховка пуондатын регионнааҕы отделениета уонна киһи быраабыгар боломуочунай бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр.
Салайааччылар Марина Мироновская уонна Сардаана Гурьева судаарыстыбаннай көмүскэл мэктиэлэрин хааччыйыы, киһи быраабын, көҥүлүн тутуһуу уонна көмүскээһин боппуруостарыгар хардарыта бииргэ үлэлииргэ сүбэлэстилэр.
Сөбүлэһии быһыытынан, үөһээ ааттаммыт дьаһаллары сэргэ киһи быраабын көмүскээһин туһунан сокуону оҥоруу боппуруостарын дьүүллэһиэхтэрэ, нуорма-быраап акталарыгар уларыйыыларга этиилэри киллэриэхтэрэ уо.д.а.
Хардарыта бииргэ үлэлээһин түмүгэр страховкалаах дьон, инбэлииттэр уонна нэһилиэнньэ чэпчэтиинэн туһанар араҥатын бырааптарын уонна көҥүллэрин көмүскээһин туһата эбиллэрэ былааннанар.
This post was published on 08.02.2018 18:00 18:00