Саха сиригэр “Содействие занятости населения” судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Бырагыраама сүрүн хайысхата – 14-18 саастаах оҕолор сайыҥҥы кэмнэригэр дьарыктаах буолалларын хааччыйыы,суруйда Саха парламент саайт.
Быйыл сайын уопсайа 2000 обургу саастаах оҕо кылгас болдьохтоох быстах үлэҕэ үлэлээбиттэр. Бу туһунан СӨ дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ иһитиннэрэр. Биэдимиститэ иһитиннэрбитинэн, үлэ миэстэтинэн сүрүннээн муниципальнай дьаһалталар, оскуолалар, оройуон балыыһалара уонна урбаанньыттар хааччыйбыттар. Оҕолор ордук көхтөөхтүк территорияны көҕөрдүүгэ, тупсаран оҥорууга, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, үүнээйи үүннэриитигэр уо.д.а. үлэлээбиттэр.
“Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго быстах үлэни тэрийии” сүрүн тэрээһин чэрчитинэн 20,8 мөл. солк. көрүллүбүт. Элбэх оҕолоох ыаллартан 721, ыйдааҕы тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах ыаллартан 296, толорута суох дьиэ кэргэнтэн 227, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэниттэн 55, тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт 24 оҕону түмтэ.
This post was published on 10.10.2025 12:48 12:48