Муус устар ыйга Саха сиригэр 15 улууска 46 тыһ киһини биэрэпистиир былааннаахтар. СИА-ҕа бу туһунан Сахастат иһитиннэрдэ.
Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Усуйаана улуустарыгар толору биэрэпистиэхтэрэ, оттон Абый, Амма, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Горнай, Өлөөн, Эбээн Бытантай оройуоттарыгар биэрэпис сорох нэһилиэктэргэ ыытыллыаҕа.
Кулун тутарга Сахастат улуустардааҕы статистика отделларын салайааччыларыгар, биэрэпискэ боломуочуйалаахтарга, хонтуруоллааччыларга биэрэпиһи ыытыыга семинар оҥорбута.
Бары нэһилиэнньэлээх пууннар муус устардааҕы биэрэпиһи ыытыыга бэлэмнэр. Бланкалар, экипировка, бартыбыаллар, дастабырыанньалар, коронавирустан харыстанар сириэстибэлэр улуустарга тириэрдиллибиттэр.
Сүрүн биэрэпис балаҕан ыйыгар буолар.
This post was published on 31.03.2021 18:01 18:01