Нэһилиэктэр тупсарыныыга бырайыактара 2021 сылга үбүлэниэҕэ

Уопсастыбаннай суолталаах бырайыактары көрөр уонна быһаарар хамыыһыйа 2021 сылга тыа сирин тупсарыыга анаммыт 28 үлэни 13 улуустан талла. Муниципалитеттарга федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан «Комплексное развитие сельских территорий на 2020-2025 годы» бырагырааманан уопсайа 40 мөл солк тахса суумалаах субсидия тыырыллыаҕа.


Саха сирин улуустарыттан тупсарыныыга сайаапкалары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 2020 сыл ахсынньы 2 — 2021 сыл тохсунньу 15 диэри хомуйда. Барыта 182 бырайыак 23 оройуонтан киирдэ диэн тустаах биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлөөн, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Чурапчы, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыттан киирбит үлэлэр талылыннылар.

Холобур, Үөһээ Бүлүү улууһугар Боотулууга таҥара дьиэтин тупсарыахтара, Тамалакааҥҥа уулуссаҕа тренажердары туруоруохтара, Быракааҥҥа «Ийэҕэ махтал» сквер тутуллуоҕа, Нам нэһилиэгин Хомустааҕар киин болуоссаты сөргүтүөхтэрэ.

Сиһилии ханнык улуустарга туох оҥоһулларын манна киирэн аах https://ysia.ru/proekty-po-blagoustrojstvu-sel-yakutii-poluchat-finansirovanie-v-2021-godu/

Хамыыһыйа бигэргэппит 28 бырайыагын уопсай суумата 62,5 мөл солк, мантан 40-тан тахса мөл солк муниципалитеттарга федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан көрүллүөҕэ.

This post was published on 28.01.2021 18:01 18:01