“Нэһилиэк” бырайыак кыттыылаахтара, эдэр баһылыктар бу күннэргэ Ил Дарханы кытары көрсөн тыа сиригэр оҥорон таһаарыыны хайдах өйүөххэ сөбүн туһунан кэпсэттилэр уонна саҥа бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Санатан эттэххэ, “Нэһилиэк” түмсүү түөрт сыллааҕыта Ыччат министиэристибэтин, “Одун” түмсүү, эдэр баһылыктар уонна суруналыыстар сэбиэттэрин күүһүнэн тэриллибитэ. Сиһилии edersaas.ru ааҕыҥ.
“Нэһилиэк” түмсүү бырайыагынан былырыын Хаҥаласка I Дьөппөн нэһилиэгэр оҕуруот аһын тоҥорон атыылыыр сыах арыллыбыта. Билигин манна биэс киһи үлэлии сылдьар. Үлэһиттэр орто хамнастара ыйга 26 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Сыах таһаарбыт бородууксуйатын Дьокуускайга, ону сэргэ хотугу улуустары кытары дуогабардаһан таһан эрэр. Бу маннык саҥа ньыманан тоҥоруллубут оҕуруот аһын хотугу улуустартан бастакынан усуйааналар туттулар.
Бу бырайыактан тэптэн хаҥаластар “Нэһилиэк” бырайыагынан аны быйыл Тиит Эбэҕэ элбэх функциялаах киини арыйар санаалаахтар. Ол курдук, урукку сопхуостан хаалбыт базалары сөргүтэн, тиэхиньикэ көрүнэр, оҥорор улахан автосервис, баанньык уонна мастарыскыай тутуллуохтаахтар. Билигин баанньыгы номнуо оҥорон үлэлэтэн эрэллэр. Бу бырайыак уопсай суумата 3,2 мөл. солк. тэҥнэһиэхтээх. Нэһилиэк бэйэтэ 1 мөл. солк. булан олорор.
Ил Дархан “Нэһилиэк” бырайыак үлэтин-хамнаһын кыраҕытык кэтиир. Түмсүү чилиэннэригэр туһаайан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ уопуту киллэрэр, аныгы, сайдыылаах нэһилиэк кэскилэ хайдах буолуохтааҕын торумнуурга үлэлэһэр көхтөөх, саҥа, сонун идеялаах, санаалардаах, ол ону олоххо киллэрэр дьулуурдаах баһылыктар буолуҥ диэн этэн турар.
Оттон Ньурба улууһун Дьаарханыгар тутуу матырыйаалын оҥорор сыах арыллыахтаах. Бу сыахха арболитовай билиитэлэри, тротуардары, о.д.а тутуу матырыйаалын оҥоруохтаахтар. Баһылык Александр Иванов этэринэн, былырыын сэттэ киһи үс ый устата тротуар оҥоруутугар үлэлээбит. Сыах оҥорон таһаарбыт матырыйаалларынан чугастааҕы сытар нэһилиэктэри барыларын хааччыйыахтаах.
Өскөтүн бу икки нэһилиэккэ оҥорон таһаарыы сыаҕа арыллар буоллаҕына, Сунтаар нэһилиэгэр төттөрүтүн дьон оҥорон таһаарбытын барытын түмэн атыылыыр кооперативнай ырыынак тэриллиэхтээх. Ырыынак уопсай иэнэ 1 тыһ. кв м тэҥнэһиэхтээх. Баһылык Эдуард Филиппов бэлиэтииринэн, ырыынак сыллааҕы ороскуота 2,5 мөл. солк. буолуохтаах. Кооперативтары өйүүр сыалтан олохтоох дьаһалта предпринимателлэргэ уонна чааһынай дьоҥҥо атыылыыр миэстэ төлөбүрүн тус-туһунан оҥорор былааннаах. Холобур, предприниматель ыйга 1 кв м 57 солк. төлүүр буоллаҕына, чааһынай киһи 27 солк. төлүөхтээх. Маны сэргэ, ырыынак бородууксуйатын хаачыстыбатын көрүүгэ дьаһалта ветеринарнай управлениены, Роспотребнадзору кытары кэпсэтэн, ырыынакка биирдии үлэһити тутарга туруорсубут. Онон олохтоохтор бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын улуус киинигэр муннукка-ханныкка туран атыылыахтарын оннугар, ырыынакка киирэн тута ыспыраапка ылан батарыахтара. Ити үлэлииргэ олус табыгастаах буолуоҕа.
Манна даҕатан, Егор Борисов сүөһүнү көрүүгэ тэриллибит кооперативтар тустарынан: “Кооперация диэни сыыһа өйдүүбүт. Сүөһүнү арендалаан ылааһыны кооперацияҕа кубулутабыт. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Билигин саастаах дьон кыайбаппыт диэн сүөһүлэрин эһэн эрэллэр. Кинилэртэн дуогабарынан ынаҕы ылан иитиҥ. Мин ону өйүүбүн”, — диэн эттэ.
Ил Дархан эдэрдэр бырайыактарын истэн баран, сөптөөх суолу таба тайанан үлэлии-хамсыы сылдьалларын бэлиэтээн туран, бырайыагы биир эрэ нэһилиэк таһымынан көрбөккө, кэҥэтэргэ уонна ороскуоту ааҕа үөрэнэргэ эттэ. “Хас биирдии нэһилиэккэ бу маннык сыахтары, производствоны киллэрдэхпитинэ, барыһы аҕалыахтааҕар, ороскуокка тэбиэҕэ. Өскөтүн оҥорон таһаарыы ороскуокка эрэ олорор буоллаҕына, салгыы сайдыбат. Онон табыгаһа суох. Ол иһин хас да нэһилиэги хабар бырайыактары толкуйдааҥ, хас биирдии нэһилиэккэ хатыласпатын курдук. Иккиһинэн, суоттааһыҥҥыт олус судургу. Дохуот эрэ өттүн ылбыккыт. Саамай сүрүнэ, ороскуоту ааҕа үөрэниэххитин наада, бытархайыгар тиийэ. Ол онтон дохуоккут бэйэтэ ситимнэнэн тахсыахтаах”, — диэн бэлиэтиир Егор Афанасьевич.
Оттон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы туһунан этэригэр, табаары сылы эргиччи атыылыыр эрэ буоллахпытына, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бэйэтэ хааччынар буолуоҕун бэлиэтээтэ. Онуоха хаһаанар сири тутуу быһаарар оруолу ылыахтааҕын иһитиннэрдэ.
Ыспыраапка:
- Ааспыт сылга бырайыак кыттыылаахтара Башкортостаҥҥа баран уопут атастаһан кэлбиттэрэ. Бырайыак салайааччыта Александр Иванов бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоох салайыныыга инники күөҥҥэ иһэр эбит. Аны быйыл уопут атастаһа Казахстаҥҥа барар санаалаахтар.
- Түмсүү араас дьаһалы тэрийэн ыытар. Олортон биирдэстэринэн, «Тыа сирин көҕүлээһинэ» диэн бырайыак буолар. Былырыын нэһилиэнньэлээх пууну тупсаран оҥорууга улахан кэпсэтиини ыыппыттара. Ону сэргэ бырайыак кыттыылаахтара хапсаҕайга улахан күрэхтэһиини ыыталлар. Былырыын массыына бириискэ туруорбут буоллахтарына, быйыл «Синтай» тыраахтар туруорар санаалаахтар.
- Ону таһынан, быйыл кулун тутарга кэнэҕэскитин баһылык буолуохтаах эдэр дьоҥҥо оскуола ыытыахтарын баҕараллар. Санатан этиим, быйыл балаҕан ыйыгар улуус, нэһилиэк таһымыгар быыбардар буолуохтаахтар. Онон быыбарга кыттыан баҕалаах дьоҥҥо уопут атастаһарга бэртээхэй былаһаакка буолуохтаах.