4 От ыйа 04.07
  • 21°
  • $ 78,78
  • 93,13

Нэһилиэк олохтооҕо икки киһини өлөрүүгэ уорбаланар

13:46, 01 августа 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһун Партизан сэлиэнньэтигэр икки киһи өлүгүн буллулар. Силиэстийэлиир уорган маныаха холуобунай дьыаланы тэрийдэ.


«Силиэстийэ быһаарбытынан, бэс ыйын 30 киһи бииргэ арыгылыы олорбут дьонун кытта кыыһырсан баран, дьиэтигэр тиийэн бултуур саатын уонна ботуруоннары ылан барбыт уонна төннөн тиийэн арыгылыы олорооччулары элбэхтэ ытыалаабыт. Ити түмүгэр икки эрэ киһи сонно тута өлбүттэр, өссө икки киһи ыарахан эчэйиини ылбыттар. Билигин буруйга уорбаланааччы тутулунна. Силиэстийэ бара турар»,- диэн Силиэстийэлиир кэмитиэт пресс-сулууспатыттан эттилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА