Саха сиригэр ОДьКХ ГУТ туһанарыгар уматыгы, оттугу тириэрдии толору кээмэйинэн оҥоһулла турар. Быйылгы уу суолунан барыта 322,6 тыһ. тонна чох, 79 тыһ. тонна убаҕас нефть, 12,9 тыһ. тонна газоконденсат улуустардааҕы пууннарга тириэрдиллиэхтээх.
«Тириэрдии үбүлээһинэ барыта быһаарыллан турар. Бу кылгас кэм иһигэр туох баар уматык, оттук саппааһын барытын тириэрдэр соруктаахпыт«, — диир ОДьКХ ГУТ генеральнай дириэктэрэ Виктор Омуков.
Тэрилтэ салайааччыта бэлиэтииринэн, 73 тыһ. тонна чох Амма оройуонугар уонна Бүлүү бөлөх улуустарга тириэрдиллибит.
Омуков иһитиннэрбитинэн, бастаан уу суолунан кыһын халыҥ хаар түһэн, кыайан тириэрдиллибэккэ хаалбыт хочуолунай оттуга айаннаабыт. Билигин өрүһүнэн 3,5 тыһ. тонна чох Үөһээ Халыма уонна Дьааҥы улуустарыгар быраҕыллыбыт, ону сэргэ 900 инчэҕэй нефть Муомаҕа тириэрдиллибит.
Бэс ыйын 13 күнүгэр муниципальнай тэриллиилэргэ 100 тыһ. тонна чох уонна 8,2 тыһ. тонна газоконденсат тириэрдиллибит.
This post was published on 14.06.2017 13:11 13:11