«Наука» национальнай бырайыак пааспара 2018 сыл ахсынньы 24 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнин иһинэн Стратегическай сайдыы уонна национальнай бырайыактар сэбиэттэрин президиумун быһаарыытынан бигэргэммитэ. Бырайыагы вице-премьер Татьяна Голикова быһаччы сүрүннүүр.
Сэбиэскэй Сойууска наукаҕа улахан болҕомто ууруллан, экэниэмикэҕэ, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар хамсааһын, балысхан сайдыы тахсыбыта. Сэбиэскэй Сойуус ааспыт үйэ саҥатыгар дьадаҥы, эстэр-быстар балаһыанньалаах олорон, аан дойду биир модун, сайдыылаах судаарыстыбатыгар кубулуйбута. Табаары, бородууктаны оҥорон таһаарыыны, авиацияны, тиэхиньикэни, тыа хаһаайыстыбатын, космоһы баһылааһыны, о.д.а. бары салаалары наука хамсаппыта.
Үбүлээһинэ: 2018-2024 сылларга – 636 миллиард солкуобай. Ол иһигэр: 404,8 миллиард солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн, 231,2 миллиард солкуобай – атын бүддьүөттэн. Үбүлээһин үс федеральнай бырайыагынан маннык тыырыллыбыт: “Научнай чинчийиилэри ыытарга үчүгэй усулуобуйалаах инфраструктураны тэрийиигэ” — 350 миллиард солкуобай, “Научнай уонна оҥорон таһаарар кэпэрээссийэни сайыннарыыга” — 215 миллиард солкуобай, “Каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ” — 71 миллиард солкуобай.
Аныгы кэмҥэ национальнай бырайыак чэрчитинэн, наукаҕа үп-харчы көрүллэн, болҕомто ууруллар. 2018 сылтан науканы сайыннарар национальнай бырайыак аан бастаан баар буолбута. Манна национальнай бырайыак 7 сыллаах үлэтин түмүгүнэн, Арассыыйа аан дойду үрдүнэн научнай-технологическай сайдыыга бастыҥ чинчийиилэрдээх, саҥаны айбыт, оҥорбут биэс дойду иһигэр киириэхтээх. Ону тэҥэ, омук да, бэйэбит да чулуу учуонайдарбыт Арассыыйаҕа үлэлииллэрин хааччыйыахтаахтар.
Тирээн турар соруктар
Аан дойдутааҕы дааннайдар базаларыгар киирбит, научнай ыстатыйалардаах учуонайдар ахсааннара 27,5 тыһыынча киһи, 2024 сылга бу ахсаан 30,8 тыһыынчаҕа тэҥнэһиэхтээх. Билигин 39-гар диэри саастаах чинчийээччилэр уопсай ахсаантан 43%-нын ылаллар. 2024 сылга эдэр учуонайдар ахсааннара лоп курдук 50%-ҥа тиийиэхтээх.
Бөдөҥ тэрээһиннэри ылан көрдөххө, аан дойду таһымнаах 4 математическай киин, 3 геномнай чинчийии киинэ арыллыахтаах. Норуоттар икки ардыларынааҕы нейтроннай чинчийиилэр кииннэригэр ПИК реактор базатыгар “мегасайенс” кылааһыгар чинчийиилэр саҕаланыахтара.
2021 сылга аан дойду таһымнаах 3 научнай киин арыллыаҕа. Эһиилигэр Санкт-Петербурга 29-с Аан дойдутааҕы математическай кэнгириэс буолуоҕа.
2024 сылга 3 национальнай биоресурснай киин үлэлиэҕэ. Научнай тэрилтэлэр хааччыллыылара 50% саҥардыллыаҕа. Сылга 1 миллиард солкуобайтан элбэх дохуоттаах 5 агробиотехнопаарка үлэлиэҕэ.
Ирбэт тоҥу, тымныыны чинчийиэхтэрэ
Саха сиригэр 2019 сыллаахха “Наука” национальнай бырайыак чэрчитинэн, икки бырайыагы бэлэмнээбиттэрэ. Ол — “Хоту” Арктикатааҕы научнай-үөрэтэр киин уонна “Тымныы полюһугар” араас матырыйааллары, тиэхиньикэни тургутан чинчийэр Норуоттар икки ардыларынааҕы киин.
Бу икки тэрилтэ “Наука” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар “Научнай уонна научнай-оҥорон таһаарар кэпэрээссийэни сайыннарыы” федеральнай бырайыак быйылгы куонкуруһугар кыттыахтаахтар. Бырайыактары СӨ бырабыыталыстыбата сүрүннүүр. Айсен Николаев былырыын балаҕан ыйын 17 күнүгэр “Хоту” киини тэрийэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта.
“Хоту” Арктиканы сайыннарар научнай-үөрэтэр кииҥҥэ ирбэт тоҥу, климаты, геологияны, мэдиссиинэни уонна биотехнологиялары үөрэтэр. Арктика сиригэр-уотугар айылҕаны харыстааһын, сир баайын туһаныы, бытарҕан тымныыга араас матырыйааллары, тиэхиньикэни туттуу боппуруостарын чинчийиэхтэрэ.
Бу бырайыакка Уһук Илин эрэгийиэниттэн Саха сирэ, Чукотка, Магадан уонна Камчатка кыттыһан үлэлиэхтэрэ. Манна үрдүк үөрэх кыһалара, научнай институттар туһааннаах бырамыысыланнай тэрилтэлэрдиин кыттыһан, үлэни-хамнаһы сүрүннүөхтэрэ. Хас да улахан тэрилтэ бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥин биэрэн олорор. Бэрэсидьиэн Владимир Путин Арктика эрэгийиэнигэр аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр киини тэрийэр туһунан сорудах биэрбитэ.
Оттон иккис бырайыак “Арассыыйатааҕы наука академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин” федеральнай чинчийэр киинин базатыгар тэриллэр. Бырайыагы Арассыыйатааҕы наука академията өйөөн, Сибиирдээҕи салаатын кэлим сайыннарыы былааныгар киллэрбитэ.
“Дьиҥ олоххо, үлэҕэ туһалаах буолуохтаах”
2016-2020 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Кэлим научнай чинчийиилэр бырагыраамалара ылыныллыбыта. Бу бырагыраама иккис түһүмэҕин түмүгүн таһаарбыттара.
2016-2017 сылларга үбүлээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 440 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Барыта 104 научнай тэрээһин ыытыллыбыт. Сүрүннээн нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хаачыстыбатын, айылҕа таһаарар уонна техногеннай саахаллар содулларын, климат уларыйыытын, бырамыысыланнас, энэргиэтикэ, тыа хаһаайыстыбата, суол-иис, таһаҕаһы тиэйии, аһынан-табаарынан хааччыллыы, о.д.а. боппуруостарын чинчийбиттэрэ.
Бырабыыталыстыба салалтата бу хайысханан балачча улахан үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээбитэ. Ил Дархан федеральнай институттары уонна эспиэрдэри кыттыһыннаран үлэлэтэргэ эппитэ. “Саха сирин учуонайдарын үлэлэрэ, ситиһиилэрэ дьиҥ олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска, чуолаан бырамыысыланнаска, тутууга туһалаах, дьайыылаах буолуохтаах”, — диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Научнай-үөрэтэр кииннэри тэрийии
Федеральнай бырайыактар ирдэбиллэринэн, эрэгийиэннэргэ научнай-үөрэтэр кииннэр (НОЦ) тэриллиэхтээхтэр. Ол курдук, Саха сиригэр “Научнай, научнай-производственнай кэпэрээссийэни сайыннарыы” федеральнай бырайыак иһинэн Аан дойдутааҕы сэлии киинин уонна Үрдүк технологиялаах доруобуйа харыстабылын научнай-үөрэтэр киинин киллэриэххэ диэн буолбута.
“Чинчийиилэри ыытарга бастыҥ инфраструктураны сайыннарыы” федеральнай бырайыак былааныгар научнай чинчийиилэри ыытар тэрилтэлэр материальнай-тиэхиньиичэскэй базаларын сайыннарыы, “Үс Хочо” агробиотехнопаарканы тэрийии, о.д.а. киирбиттэрэ.
“Каадырдары сайыннарыы” федеральнай бырайыакка научнай-педагогическай каадырдары үүннэрии, таһымнарын үрдэтии үлэтэ ыытыллар.
Былырыын бу эйгэҕэ туох үлэ-хамнас ыытылларын көрө-истэ РФ наукаҕа, үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ миниистирэ Михаил Котюков кэлэ сылдьыбыта. Кини национальнай бырайыактары үлэлэтии кыаҕын туһанан, өрөспүүбүлүкэҕэ науканы сайыннаран, үрдүк таһымҥа таһаарар соруктары толорорго ыйбыта. Онно ХИФУ, “Саха сиринээҕи научнай киин” курдук кыахтаах тэрилтэлэр олук буолуохтаахтар.
Источник: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/nauka-2/
This post was published on 23.03.2020 14:28 14:28