Научнай ырытыыларга кыттар аграрийдар анал граннары ылыахтара диэн, РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйда.
Биир кэлим научнай-техническай бырайыактар олоххо киириилэригэр кыттар агробизнес анал гранынан биһирэниэн сөп.
Бу сыалга 2022 сылга федеральнайдааҕы бюджеттан 1 млрд солк көрүлүннэ. Грант үбүн молекулярнай-биологическай, биоинженернай уонна генетическай үлэлэри ыытыыга матырыйаал уонна тэрил ылыытыгар, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын техникатын атыылаһыыга туттуохха сөп.
Тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылар граны маннык хайысхаларга ылыахтарын сөп:
— дьиэ кыылларын аһылыктарын, эбии аһылыктарын үүннэрэн, оҥорон таһаарыыга;
— арыыны ылар үүнээйини селекциялааһыны уонна сиэмэни оҥорууну сайыннарыыга;
— сүөһү генетикатын тупсарыыга;
— винограды үүннэриигэ.
“Россия агропромышленнай комплексын өйүүр саҥа миэрэлэр аска-үөлгэ куттал суох буолуутун таһымын үрдэтиигэ туһуланаллар”, — диэн быһаарда РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин.
This post was published on 02.03.2022 13:01 13:01