Өрөбүлгэ, кулун тутар 5 күнүгэр, Дьокуускай киин уулуссатынан национальнай таҥастаах сэлэлии хаамсыы буолуоҕа. Норуот маастарын күнүгэр анаммыт тэрээһиҥҥэ тыһыынчаттан тахса киһи кыттара былааннанар.
Орджоникидзе болуоссатыттан Ленин болуоссатыгар диэри хаамыахтара. 12 чаастан 14 чааска диэри бу маршрутунан тырааныспар айана бобуллуоҕа.
Кулун тутар 3 — 6 күннэригэр форум, «Якутия Мастеровая» быыстапка-дьаарбаҥка, дьахтар национальнай көстүүмүн кэмпилиэгин тигиигэ, маһынан быһыыга куонкурустар буолуохтара.
Аан бастакытын быйыл «Авса» суумка тигиитигэр куонкурус ыытыллыаҕа, хотугу төрүт норуоттар национальнай декордара көрдөрүллүбүт буолуохтаах.
Сиһилии бырагырааманы көрүҥ.
This post was published on 02.03.2023 12:01 12:01