Национальнай бырайыак: Биэлсэр пууннарын тутуу

«Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр федеральнай үп үгүөрүтүк көрүллэн, үгүс үлэ ыытыллар. Биэлсэр-акушер пууннара, быраастаах амбулаториялары туталлар, “суһал көмө” массыыналарын ылан түҥэтэллэр, о.д.а.


2020 сылга 18 биэлсэр-акушер пууна, быраастаах амбулатория тутулунна. Ол курдук, Эдьигээн Баахынайыгар, Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар, Томпо Охотскай-Перевоз сэлиэнньэтигэр, Усуйаана Юкагирыгар, Хаҥалас Сиинэтигэр, Ньурба Сайылыгар, Өлүөхүмэ Урицкайыгар, Сунтаар Толоонугар, Таатта Боробулугар, Булуҥ Быковскайыгар, Чурапчы Бахсытыгар, Уус Алдан Уһун Күөлүгэр, Амма Покровкатыгар, Бүлүү Тааһаҕарыгар, Мэҥэ Хаҥалас Быраматыгар, Нам Салбаҥар, Дьокуускай Табаҕатыгар, о.д.а. тутуллан киирдэ.

Бу нэһилиэктэргэ үлэлии турбут амбулаториялар, биэлсэр пууннарын дьиэлэрэ эргэрэн, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт буолбуттара ыраатта. Олохтоохтор саҥа, сырдык, аныгы матырыйааллартан тутуллубут дьиэни күүтэн-күүтэн, дьэ, баҕа санаалара туоллаҕа. Эбэтэр, сорох нэһилиэктэргэ букатын да мэдиссиинэ тэрилтэтэ суох этэ. Онон атын сэлиэнньэлэргэ, улуус киинигэр баран көрдөрүнэргэ күһэллэллэрэ, ол дьоҥҥо үгүс ыарахаттары үөскэтэрэ.

Суола-ииһэ суох, кытыы сытар дэриэбинэлэргэ биэлсэр пууннарын тутуу доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бастакы соруга буолар. Нэһилиэккэ балыыһа, амбулатория үчүгэйдик үлэлиир буоллаҕына, дьон-сэргэ доруобуйата чэгиэн, санаата бөҕөх, үүнэр күҥҥэ эрэллээх буолара саарбаҕа суох. Ону тэҥэ, үчүгэй дьиэлээх-уоттаах тэрилтэҕэ эдэр, кэскиллээх быраастар кэлэн үлэлииллэр.

Хас биирдии пуун мэдиссиинэ тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыллар. Биэлсэр кэбиниэтэ, процедурнай хос, дьону көрөр хос, хаһаайыстыбаннай хостор бааллар.

Оттон 2019 сылга 10 биэлсэр-акушер пууна уонна амбулатория дьиэлэрэ тутуллубуттара (Аллайыаха Русскай Устье сэлиэнньэтигэр, Амма Сулҕаччытыгар, Алдан Якокитыгар, Бүлүү Сосновкатыгар, Уус Алдан Арыылааҕар, Мэҥэ Хаҥалас Даркылааҕар, Томпо Кэскилигэр, Кэбээйи Тыайатыгар, Ленскэй оройуонугар 2 пуун).

2018 сылга 4 биэлсэр-акушер пууна тутуллубута (Таатта, Томпо, Нам, Аллайыаха улуустарыгар).

Мантан көстөрүнэн, сылтан сыл ыраах улуустарга доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутуллаллара элбээн иһэр. Тыа сирин олохтоохторо аныгы, хаачыстыбалаах усулуобуйаҕа мэдиссиинэ көмөтүн ылар кыахтаналлар.

Бу кэнники үс сыл иһигэр “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн, барыта 1 миллиард солкуобай кэриҥэ суумалаах 33 эбийиэк тутуллан киирдэ.

Ону тэҥэ, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр 69 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут. 2025 сылга диэри өссө 73 эбийиэк тутуллара былааннанар.

Дьон доруобуйата тупсарын туһугар

Саха сиригэр 2009 сылтан улахан дьоҥҥо 10, оҕолорго 2 доруобуйа кииннэрэ үлэлииллэр: Дьокуускайга – 2, ону тэҥэ, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Нам, Кэбээйи улуустарыгар арыллыбыттара.

Суола-ииһэ суох, ыраах нэһилиэктэргэ быраастар биригээдэлэрэ тиийэн үлэлииллэр. Кэнники 3 сыл иһигэр 300-чэ нэһилиэнньэлээх пууннарга сылдьан үлэлээтилэр. Холобур, 2019 сылга 17 улууска, 90 сэлиэнньэҕэ 9 тыһыынчаттан тахса киһини (ол иһигэр, 4,2 тыһыынча оҕону) көрбүттэрэ-истибиттэрэ, доруобуйаларын туругун чинчийбиттэрэ.

Арктика улуустарыгар Орто Халымаҕа, Тиксиигэ уонна Баатаҕайга базаланан, санавиация бөртөлүөттэрэ үлэлииллэр. 2020 сылга хотугу улуустартан 700-чэ ыарахан ыарыһаҕы суһаллык көтүтэн, киин куоракка илдьэн, дьон олоҕун быыһаабыттара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 17 оҕо поликлиниката аныгы мэдиссиинэ тэрилинэн (73 устуука) хааччыллыбыта. УЗИ, офтальмологическай аппарааттар, электрокардиографтар, о.д.а. ылыллан, үлэлии тураллар.

Федеральнай бүддьүөт үбүгэр 11 “суһал көмө” массыыналара ылыллыбыттара. Бу реанимация оҥоһуллар кыахтаах, аныгы тэрилинэн (ИВЛ-аппараат, электрокардиограф, компрессорнай ингалятор, хааҥҥа глюкозаны кээмэйдиир аппараат, о.д.а.) хааччыллыбыт массыыналары реанимобиль диэн ааттыллар. “УАЗ” массыына базатыгар оҥоһуллубут буолан, куһаҕан суолга айанныыр кыахтаахтар, өр сулууспалыыллар.

Улуустарга эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн, онко-кииннэр арыллаллар.

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак үлэтин 2030 сылга диэри уһатары былаанныыллар.

Сиинэҕэ – саҥа амбулатория

Хаҥалас улууһун Сиинэ бөһүөлэгэр амбулатория дьиэтэ бу сыл тохсунньутугар тутуллан киирдэ. Улуус соҕуруу өттүгэр уһук сытар буолан, суола-ииһэ суох нэһилиэк. Кыһыҥҥы өттүгэр эрэ суоллаахтар, сайын мотуорканан сылдьаллар. Саас, күһүн суол суох. Сиинэҕэ 853 киһи олорор. Ону тэҥэ, амбулатория үлэһиттэрэ 30 биэрэстэ тэйиччи сытар Үөдэй сэлиэнньэтин олохтоохторун эмиэ көрөллөр-истэллэр. Оттон Покровскайга диэри — 165 биэрэстэ.

Быраас Розалия Петровна Асекритова 2016 сыллаахха “Земский доктор” бырагырааманы туһанан, үлэлии кэлбитэ. Оччолорго Сиинэҕэ сытар куойкалаах стационар балыыһа үлэлиирэ. Бу иннинэ ааспыт үйэ 80-с сылларыгар тутуллубут балыыһа дьиэтэ эргэрэн, сыллата өрөмүөнү эрэйэр буолбута.

— Быйыл тохсунньу ыйга амбулаториябыт дьиэтин үөрүүлээх арыйыы буолбута. Саҥа модульнай “сэндвич-панеллартан” тутуллубут, 156 кв.м. иэннээх, толору хааччыллыылаах дьиэ. Душ, туалет, септик баар буолан, үлэһиттэргэ да, көрдөрүнэр дьоҥҥо да олус табыгастаах.

Манна быраас, тиис бырааһын кэбиниэттэрэ, дьону көрөр-истэр уонна акушер, үлэһиттэр хосторо, 2 куойкалаах күнүскү станционар хоһо уонна хаһаайыстыбаннай хостор бааллар. 1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах саҥа мэдиссиинэ тэриллэринэн, миэбэлинэн хааччыйбыттара. Холобур, ЭКГ-аппараат, дефибриллятор, тыҥаны хачайдыыр аппараат, оҕо ыйааһына, гинекологическай кириэһилэ, холодильник, көмпүүтэр бэриллэн, үөрүүбүт улахан.

Амбулаториябыт 8 үлэһиттээх: быраас, тиис бырааһа, акушер, биэлсэр-лаборант, 2 сиэстэрэ, техүлэһиттэр. Хаан, иик анаалыһын оҥоробут. Күҥҥэ 15-20 киһи кэлэн көрдөрүнэр. Сүрүннээн хаан баттааһынын, диабет, быар ыарыыларын, тумууну эмтиибит. Коронавируснай инфекцияны утары быһыыны биэрэн, былааммытын толордубут (Сиинэҕэ – 65, Үөдэйгэ – 55), өссө кэллэҕинэ, эбии биэриэхпит. Ыарахан ыарыһахтары улуус киинигэр киллэрэбит, суол суох кэмигэр бөртөлүөт эрэ ылар кыахтаах, — диэн быраас Розалия Петровна кэпсиир.

Саха сирэ киэҥэ бэрт буолан, сорох кыра нэһилиэктэр ыраах, суола суох сирдэргэ бааллар. Онно олорор дьон дьыл кэмиттэр тутулуга суох мэдиссиинэ көмөтүн ылыахтаахтар, доруобуйаларын көрүнүөхтээхтэр. Национальнай бырайыак үбүн-харчытын сөпкө туһанан, бу нэһилиэктэргэ биэлсэр пууннарын, амбулаториялары тутуу салҕанар.

Дьон санаата

“Киһи үөрэ-көтө кэлэн эмтэнэр”

Мария Афанасьевна Голокова, учуутал, Сиинэ олохтооҕо:

— Урукку балыыһабыт дьиэтэ эргэ, хайдыылаах буолан, дьокутааттар көмөлөрүнэн, куруук өрөмүөн ыытыллар этэ. Бу саҥа дьиэни сыл иһигэр олус түргэнник туттулар. Бу иннинэ улуус кылаабынай бырааһа Ньургун Степанов нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүгэ кэлэ сылдьан, саҥа амбулаторияны туттарыам диэн эрэннэрбитэ. Ол кылгас кэм иһигэр туолбутуттан олус үөрэбит. Аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир, киэҥ, сылаас, сырдык дьиэҕэ киһи эмтэнэригэр да үөрэ-көтө кэлэр. Амбулатория үлэһиттэрэ уопуттаахтар, үлэлэригэр кыһамньылаахтар. Түүн буоллун, күнүс буоллун, ыҥырыыга кэлэргэ бэлэмнэр, ол иһин миэдиктэрбитин “палочки-выручалочки” диэн ааттыыбыт. Онон кинилэргэ махтанабыт. Ол эрээри, кытыы, суола-ииһэ суох улахан нэһилиэккэ 2-3 куойкалаах сытар балыыһалаахпыт, аптекалаахпыт буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ. Ону тэҥэ, амбулатория бэйэтэ сүүрдэр “суһал көмө” массыыната суоҕа үгүс күчүмэҕэйдэри үөскэтэр.

“Судаарыстыба икки бүк көмөтө”

Егор Григорьев, Бүлүү улууһун кииннэммит балыыһатын кылаабынай бырааһа:

— 2020 сыллаахха Сосновка сэлиэнньэтигэр “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак үбүнэн, СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн, биэлсэр-акушер пууна тутуллубута. Аналлаах мэдиссиинэ тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыллыбыта. Манна үлэлии кэлбит биэлсэр “Земский фельдшер” федеральнай бырагырааманан туһанар. Онон Сосновкатааҕы биэлсэр-акушер пуунун холобуругар судаарыстыба икки бүк көмөтүн көрөбүт: мэдиссиинэ тэрилтэтэ национальнай бырайыак үбүгэр тутуллубут уонна биэлсэр федеральнай бырагырааманан туһанан, үлэлии кэлбит. Ону тэҥэ, Сосновкаҕа “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, Бүлүүтээҕи психоневрологическай диспансер саҥа дьиэтэ тутуллар.

Источник: © edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/natsionalnaj-byrajyak-bielser-puunnaryn-tutuu/

This post was published on 26.03.2021 13:27 13:27