Олунньу 10 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан сахалыы тылынан диктант суруйуута тэриллэр.
«Сахалыы диктант — 2018» дьаһал төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр ананар. Сахалыы сөпкө, таба суруйары чиҥэтэр сыаллаах, сорудахтаах ыытыллар.
Бу диктаны үгэс курдук Национальнай библиотека уонна ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт тэрийэллэр.
«Национальнай библиотекаҕа олунньу 10 күнүгэр күнүс 2 чаастан сахалыы тылынан диктаны суруйуу саҕаланар. Онон бука барыгытын Ленина проспега 40-с дьиэтигэр ыҥырабыт. 8-968-153-10-25 нүөмэринэн эрийэн балаһыанньаны, усулуобуйаны сиһилии билсиэххитин сөп«, — дииллэр тэрийээччилэр.
This post was published on 01.02.2018 09:01 09:01