Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактар үлэлэринэн мунньахтаата. 2023 сыллааҕы соруктары толоруу уонна 2024 сыл былааннара көрүлүннэ.
«Россия президенэ көҕүлээбит национальнай бырайыактара сайдыыга сүрүн инструменнар буолаллар, дойдуну инникигэ сирдииллэр. Национальнай бырайыактар төһөнөн толору уонна хаачыстыбалаахтык толоруллаллар да, соччонон нэһилиэнньэ олоҕо тупсар, социальнай кыаҕа туруктанар. Президент Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактар олоххо киириилэригэр улахан өйөбүлү оҥорор. 2023 сылга 12 бырайыак үлэлииригэр Саха сиригэр 69,74 млрд солк көрүллүбүтэ. Бу уопсай сууматынан дойдуга, Подмосковье уонна Москва кэннилэриттэн, үһүс миэстэҕэ турар», – диэтэ Айсен Николаев.
Сиһилии https://ysia.ru/yakutiya-zanyala-trete-mesto-v-strane-po-obemu-finansirovaniya-natsproektov/
This post was published on 22.03.2024 09:28 09:28