Нацбырайыакка киирсэр эбийиэктэри тутууга устудьуоннар үлэлииллэр

Ыччат миниистирэ Степан Саргыдаев социальнай ситимнэргэ кэпсээбитинэн, усутудьуоннар этэрээттэрэ тутууга уонна суол өрөмүөнүгэр үлэлииллэр, СИА суруйар.


Миниистир эппитинэн, пандемиянан сибээстээн сайыҥҥы кэмҥэ тутууга үлэһит илии тиийбэтэ бэлиэтэммит. Онон устудьуоннар этэрээттэригэр элбэх үлэ бэриллибит. Байыастары национальнай бырайыактар чэрчилэринэн тутуллар эбийиэктэргэ көмөлөһүннэрбиттэр. Тутуу министиэристибэтинэн 66 эбийиэк быһаарыллыбыт.

«Быйыл түмүк үчүгэй — 5 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаардыбыт. Улахан тутуу хампаанньаларын кытта дуогабардар түһэрсилиннилэр. Тутуу уонна үөрэх министиэристибэлэрин кытта былаан уонна саҥа кэнсиэпсийэ оҥоһулунна«, — диэтэ кини.

Билигин 120 байыас 10 эбийиэккэ үлэлиир.

Саргыдаев иһитиннэрбитинэн, 15 муниципальнай тэриллии усутудьуоннар этэрээттэрин өйүүргэ үп ылла, ыччаттар үлэлиэхтээх идэлэринэн босхо үөрэхтээһини аастылар.

This post was published on 14.10.2020 10:01 10:01