Нацбырайыагынан Саха сиригэр быйыл үс муостаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр быйыл «Безопасные качественные дороги» национальнай бырайыагынан үс муоста Кэбээйигэ Чуоналыыр, Мииринэйгэ Хатыҥ Үрэх уонна Томпоҕо Ольчан үрэхтэри туоруурга туруоруллаллара былааннанар. Ол туһунан «Управтодор» тэрилтэ пресс-сулууспата суруйда.

«Муосталар уопсайа 177 погоннай миэтэрэлээхтэр, кыраапыктан хаалыы суох. Эбийиэктэр тутуу хонтуруолун ааһаллар, былаан быһыытынан 2024 сыл IV кыбаарталыгар үлэҕэ киириэхтээхтэр», — диэтилэр тэрилтэҕэ.

Чуоналыырга уонна Хатыҥ Үрэххэ эбийиэктэр бэлэмнэрэ 50%. Ольчанҥа түмүктэнэн эрэр.

This post was published on 25.04.2024 15:33 15:33