Аан дойду чэпчэки атлетикаҕа ассоциациятын допины утары кэмитиэтэ өссө 20 Арассыыйа чэпчэки атлетикаҕа спортсменын 2021 сыл норуоттар ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ кытталларыгар көҥүллээтэ. Кинилэр истэригэр Саха сирин сүүрүгэ, норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, уһуну сүүрүгэ идэтийбит Наталья Леонтьева баар. Бу туһунан СИА https://sportyakutia.ru/ сигэнэн суруйар.
Наталья хайаҕа сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа Кубогын хаһаайына, Арассыыйа чөмпүйэнээттэрин хас да төгүллээх призера.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Наталья Бэрдьигэстээххэ ыытыллыбыт «Манчаары оонньууларыгар» 5000 уонна 3000 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ бастаабыта. Кини Сунтаар улууһуттан киирсибитэ.
This post was published on 15.07.2021 15:04 15:04