Наталья Харлампьева: «Муоста тутуллуута саха дьонугар барытыгар үтүө сонун»

«Биһиги Ил Дархаммыт олохтоохтук туруорсан, Арассыыйа бэрэсидьиэнин итэҕэтэн, бу дьыаланы ситиспититтэн биһиги үөрүөх эрэ тустаахпыт», — диир СӨ норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева.


Наталья Харлампьева:

— Биллэн турар, улуу эбэбит нөҥүө улахан муоста тутуллуута саха дьонугар барытыгар үтүө сонун буолар. Муоста тутулуннаҕына биһиги аспытын-таҥаспытын тиэйэрбитигэр, кыһыҥҥы саппааспытын оҥосторбутугар сүрдээх улахан туһалаах уонна көмөлөөх буоларын таһынан, сыанатынан да чэпчэки буолуо дии саныыбын. Федеральнай киин өттүттэн көрдөххө, бу муоста туһата эмиэ улахан. Ол курдук, Магадаҥҥа диэри тиийэр айан-суол олохтонор. Сүүрбэччэ сыллааҕыта бу муоста кырдьык тутуллуо, олоххо киириэ диэн саха киһитин өйүгэр-санаатыгар ханан да киирбэтэх буолуохтаах. Ол гынан баран, гаас ситимэ эбэбитин туораан, билигин илин эҥээрдэр гааһынан туһана олороллор. Биһиги Ил Дархаммыт олохтоохтук туруорсан, Арассыыйа бэрэсидьиэнин итэҕэтэн, бу дьыаланы ситиспититтэн биһиги үөрүөх эрэ тустаахпыт.

edersaas.ru

This post was published on 19.11.2019 09:42 09:42