22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Наталья Харлампьева айар киэһэтигэр ыҥырар

15:26, 11 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха поэзиятын таптааччылары норуодунай поэт Наталья Харлампьева кулун тутар 17 күнүгэр буолар айар киэһэтигэр ыҥырар. Саха дьахталларыттан соҕотох “норуодунай поэт” диэн ааты ылбыт Наталья Харлампьева “Тоҕус дьоҕус тойук” диэн саҥа кинигэтин билиһиннэриэ, саҥа хоһооннорун ааҕан иһитиннэриэ.


Ону тэҥэ Олох, Таптал, сайдыы туһунан истиҥ кэпсэтии тахсыаҕа. Наталья Ивановна поэт быһыытынан олоххо ураты көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах, чараас, уйаҕас иэйиилээх, онон кини тылын-өһүн, санаатын-оноотун истэн, быһа ыйытыылары биэрэн, элбэҕи эбиниэххэ, туска туһаныахха сөп.

Дьоро киэһэни СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Шахурдина, СӨ үтүөлээх артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар, саха эстрадатын сулустара Чыскыырай, Дьүрүйээнэ, Варя Аманатова-Алаас кыыһа, Алиса Саввинова ыллаан-туойан, хомус дьүрүһүйэр тыаһынан доҕуһуоллаан киэргэтиэхтэрэ.

Бу эрэ киэһэ Саха театрын сценатыгар ырыаһыт Лэгэнтэй “Азия” диэн клибын театральнай сүрэхтэниитэ буолуоҕа.

Дууһа кылын таарыйар хомоҕой хоһоон, саханы саха дэппит дьүрүскэн дорҕоон, атах тэпсэн олорон истиҥ кэпсэтии – бу барыта холбостоҕуна, ураты эйгэ үөскүүрэ, саҥа иэйиилэр кынаттанан көтөллөрө саарбахтаммат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар