РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэрилтэлэринэн настаабынньыктар оруолларын толорор дьоҥҥо эбии төлөбүр аныыр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата, суруйда Саха сирэ саайт.
Сэтинньи 9 күнүгэр докумуон официальнай порталга таҕыста, диэн «Известия» иһитиннэрдэ. Сокуонунан Үлэ Кодексатыгар «наставник» уонна «наставничество в сфере труда» диэн өйдөбүллэр киирэн биэрэллэр. Ону сэргэ, бу киирбит көннөрүүлэринэн эбээһинэһи толорооччуларга эбии төлөбүр бэриллиэҕэ. Эбии төлөбүр кээмэйэ араас сокуоннарынан, нуормалыыр аахталарынан уонна тэрилтэлэр ис докумуоннарынан олохтонуохтара.
Маны таһынан, настаабынньык оруолун толорооччу үлэ биэрээччини кытта эрдэттэн дуогабар түһэрсиэхтээх уонна ону олоххо киллэрии болдьоҕун эрдэттэн быһаарсыахтаах диэн чуолкайданар.