Мииринэй оройуонун старшай участковайа Алексей Казаков «Народный участковый-2022»куонкурус регионнааҕы түһүмэҕин кыайыылааҕа буолла. Полиция майора Казаков Саха сирин чиэһин бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска көмүскүөҕэ.
«Мин саамай улахан ситиһиим диэн нэһилиэнньэ ытыктабыла дии саныыбын. Олохтоохтор ханнык баҕарар кэмҥэ түүннэри- күнүстэри араас боппуруостарга ыҥыраллар: юридическай характердаах да, олох-дьаһах кыһалҕалара да буоллун. Оттон отдел салалтата миэхэ ханнык баҕарар сорудаҕы эрэнэр, мин чопчу толорорбун билэр», — диир Алексей Казаков.
Куоластааһын иккис түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан барыта тоҕус участковайдар кыттыыны ыллылар. Алексей Казаков саамай элбэх куолаһы хомуйан, билигин бүтүн Арассыыйатааҕы финалга бэлэмнэнэр.
This post was published on 24.10.2022 16:04 16:04