28 Сэтинньи 28.11
  • -34°
  • $ 108,01
  • 113,09

"Народный участковый" куонкуруска Саха сирин аатыттан Мииринэйдээҕи полиция үлэһитэ кыттыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мииринэй оройуонун старшай участковайа Алексей Казаков «Народный участковый-2022»куонкурус регионнааҕы түһүмэҕин кыайыылааҕа буолла. Полиция майора Казаков Саха сирин чиэһин бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска көмүскүөҕэ.

«Мин саамай улахан ситиһиим диэн нэһилиэнньэ ытыктабыла дии саныыбын. Олохтоохтор ханнык баҕарар кэмҥэ түүннэри- күнүстэри араас боппуруостарга ыҥыраллар: юридическай характердаах да, олох-дьаһах кыһалҕалара да буоллун. Оттон отдел салалтата миэхэ ханнык баҕарар сорудаҕы эрэнэр, мин чопчу толорорбун билэр», — диир Алексей Казаков.

Куоластааһын иккис түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан барыта тоҕус участковайдар кыттыыны ыллылар. Алексей Казаков саамай элбэх куолаһы хомуйан, билигин бүтүн Арассыыйатааҕы финалга бэлэмнэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА