Наркологическай диспансер реабилитационнай киинин психолога: Оҕоҥ көрөрүгэр үрүүмкэни көтөҕүмэ

Арассыыйаҕа арыгылааһын – уопсастыба социальнай-экэнэмиичэскэй уонна духуобунай төрүттэрин алдьатар киэҥ хабааннаах социальнай кыһалҕаҕа кубулуйбутун бары билэ-көрө сылдьабыт. Сорохтор бу уодаһыннаах көстүүнү омук эстэр дьылҕатын курдук сыаналыыллара мээнэҕэ буолбатах. Дьиҥэр, ким да төрүөҕүттэн арыгыһыт буолар дьылҕаны талбат. Ол эрээри, олоххо-дьаһахха көрдөххө, арыгыһыт аатын ылан, кэлтэгэй дьылҕаламмыт элбэх. Тоҕо?! 


Бүгүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансер реабилитационнай киинин (Кангаласс) клиническэй психолога Анна Ксенофонтовалыын кэпсэтииттэн билиһиннэрэбит.

– Арыгылааһынтан, куһаҕан дьаллыктартан тутулуктаныы төрүөттэриттэн ханныгы ордук бэлиэтиэххэ сөбүй?

— Билигин наркомания, арыгылааһын, игромания уо.д.а. курдук куһаҕан дьаллыктартан тутулуктаныы биир эрэ төрүөттээх буолбатах. Ол төрүөттэр хас да чахчыттан (биологическай, психологическай уонна социальнай) үөскүүллэр уонна сайдаллар.

Ол эбэтэр утумнааһын, мэйии ыалдьыыта, депрессия, «арыгылааһын култуурата» диэн үгэһи соҥнооһун, арыгыны судургутук булуу, дьиэ кэргэн дьайыыта, тулалыыр эйгэ сабыдыала, наар туохтан эрэ дьааххана сылдьыы, бэйэни сэнэнии уо.д.а. киирэллэр.

– «Хроническай алкоголизм» диэн ыарыы дуу, буортулаах кэмэлдьи дуу?

– Арыгыга ылларыы (алкоголизм) — ыарыы. Маныаха эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн арыгыттан тутулуктаныы күүскэ бэлиэтэнэр. Кини испиирдээх утахтарга күүскэ тардыһар, төһөнү-хаччаны испитин хонтуруоллуур кыаҕын сүтэрэр, тохтоло суох итириктиир кэмэлдьилэнэр, майгытын-сигилитин хонтуруоллуур кыаҕа мөлтүүр. Маннык туруктаах киһи арыгылааһынын букатыннаахтык тохтотуон наада. Кини өр туттунуу кэнниттэн кыра да арыгыны истэҕинэ, төлө барарын уонна ыарыыта салгыы сайдарын өйдүөхтээх.

– Дьахтар, эр киһи уонна оҕо арыгыга ылларыыта уратылаахтар дуо?

– Дьахталлар арыгыттан тутулуктаныылара өй-санаа ис туругуттан (психологическай) уонна эмоциональнай чахчылартан үөскүүр. Дьахтар, эр киһиэхэ тэҥнээтэххэ, ордук уйан, ыарахан санааҕа-онооҕо түргэнник ылларар, ону ыар таһаҕас оҥостор. Ол иһин, санаата тууйуллан, үксүгэр арыгынан аһарына сатыыр.

Ону таһынан тыа сиригэр олох таһыма мөлтөҕүттэн, дьарыга суох киһи элбэҕиттэн, үлэ суоҕуттан, инфраструктура эппиэттээбэтиттэн «тугунан эрэ аралдьыйыы» куттала бастакыттан үөскүүр. Тыа сиригэр спорт саалалара, спорт сиэксийэлэрэ, үҥкүү куруһуоктара, киһини сайыннарар трениннэр уо.д.а. суохтар. Үлэбит үөрүйэҕинэн көрдөххө, үксүгэр 25-45 саастаах дьахталлар уонна эр дьоннор көнө суолга үктэнэргэ (реабилитация) көмө көрдүүллэр. Кинилэр ортолоругар сүрүннээн арыгылаах утаҕы сиэри таһынан иһэр дьиэ кэргэттэр, олох ыарахаттарын тулуйбатах, социальнай адаптацияны кыайан ааспатах, духуобунай сайдыылара, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннара мөлтөөбүт дьон бааллар. Ырытан көрдөххө, бастатан туран, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр утумнааһын баар. Үгүстэргэ дьиэ кэргэни иитиигэ ыарахаттары көрсүбүттэрэ, дьиэ кэргэни духуобунай, майгы-сигили өттүнэн иитии суоҕа бэлиэтэнэр. Бу барыта элбэх ыал арахсыытыгар, оҕолору иитэр бырааптарын быстарыыга тириэрдэр.

Арыгыттан тутулуктаммыт дьон үгүстэрэ үлэтэ суохтар. Төрөппүттэрин иитимньитигэр олороллор эбэтэр үп-харчы булаары холуобунай буруйга тириэрдэр дьыалаларынан дьарыктаналлар. Үлэлиир да буоллахтарына, үлэ дьиссипилииинэтин кэһэллэр, эбээһинэстэрин толорорго ыарахаттары көрсөллөр, үлэлэригэр ээл-дээл сыһыаннаһаллар. Ол түмүгэр кинилэри үлэлэриттэн уураталлар.

Биһиэхэ реабилитацияҕа сүрүннээн орто уопсай уонна орто үөрэхтээх дьон кэлэллэр. Маннык көстүүттэн сиэттэрэн, нэһилиэнньэ бу араҥата арыгыны иһиилэрэ кинилэри үлэҕэ улаханнык ылбаттарын кытары сибээстээх диэн сабаҕалыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, үлэни биэрээччилэр үрдүк професиональнай үөрэхтээх эрэ дьону үлэҕэ ыла сатыыллар.

Оҕо хараҕын далыгар

– Сорох төрөппүттэр бырааһынньыктарга оҕолорун харахтарын далыгар арыгыны иһэллэр. Бу оҕо уйулҕатыгар хайдах дьайыай?

– Психоактивнай веществолар киэҥник уонна чэпчэкитик тарҕаныылара уопсастыба уратытынан, култуураҕа үгэстэринэн быһаарыллар. Холобур, «арыгылааһын култуурата» диэни арыгыны иһээһин наадалааҕын эрэ курдук буолбакка, араас үгэс быстыспат сорҕотун курдук ылыналлар. Биир өттүттэн көрдөххө, сорох култуураларга (холобур, ислам) арыгылааһыны букатын боболлор, өйү иирдэр атын веществолары туһаналлар, араас наркотик муодатын киллэрэллэр. Ону бэл, киһи үрдүк социальнай статустааҕын көрдөрөр дии саныыллар.

Дьиэ кэргэн үгэстэрэ уонна быраабылалара тутулуктаныы төрүөттэригэр дьайаллар. Чинчийиилэр түмүктэрэ көрдөрөллөрүнэн, арыгыһыт буолбут дьон үгүстэрэ төрөппүттэриттэн биирдэстэрэ эмэ арыгыттан эмсэҕэлээбит буолар.

Психическэй ыарыылаах эбэтэр арыгыттан тутулуктаах хаан уруу аймахтардаах оҕо арыгыттан тутулуктаах буолар куттала улахана бигэргэтиллэр. Ону билиҥҥи наука астыныыны, дуоһуйууну ыларга эппиэттиир нейромедиатордар кыра таһымнаахтара утумнааһыҥҥа сабыдыаллыырын быһаарар. Нейромедиатордар – мэйии килиэккэлэрин икки ардыларыгар ньиэрбэ күүрүүтүн биэрэр анал веществолар. Иккиһинэн, киһи мэйиитигэр буортулаах сабыдыаллааһыннар (эйэчиилэр, менингит, энцефалит уо.д.а.) мэйии үлэтигэр дьайыахтарын сөп. Бу кэнниттэн дьон үксүгэр эт-сиин уонна өй үлэтигэр түргэнник сылайаллар, кыыһыраллар, настарыанньалара субу-субу уларыйар, стреһи тулуйбаттар. Онон, бэйэлэрин туруктарын «тупсаҕай» оҥорор суолу көрдөөн, психоактивнай веществолары туһанарга тиийэллэр. Атын да өттүнэн эттэххэ, психоактивнай веществолары тиһигин быспакка туһаныы мэйиигэ эндорфиннар тиийбэттэригэр тириэрдэр. Организм бэйэ эндорфиннарын кыайан оҥорбот буолар, онон тастан киирэр веществолартан тутулуктаныы саҕаланар.

Арыгыны иһии сүрүн сылтахтара

– Арыгыга ылларыы киһи майгытыттан-сигилититтэн төһө тутулуктааҕый? Тутулуктаах буоллаҕына, хайдах майгылаах дьон ордук ылларарый?

– Арыгыны иһии сүрүн сылтахтара – астыныыны ылыы, куһаҕан санаалары кыйдыы сатааһын эбэтэр куота сатааһын. Бэйэлэрин наадаларын, баҕа санааларын кыайан толорбокколор олох ыарахаттарыгар түбэһэн баран, үксүгэр арыгыны уонна наркотигы туһаннахтарына эрэ уоскуйаллар. Арыгыттан тутулуктаах дьон бэйэлэрин намыһахтык сананар, бэйэлэригэр эрэммэт буолаллар. Атын дьону кытары билсэллэрин, аһаҕастык кэпсэтэллэрин ыарырҕаталлар. Ол да иһин, тэһийбэттэр, чопчу сыала-соруга суох, мээнэ олорор курдуктар. Оттон итирик туруктаах киһи бэйэтигэр эрэллээх, хорсун курдук сананар. Дьиҥэр, кинини долгутуохтаах суолталаах кыһалҕалар иккис былааҥҥа хаалаллар, умнуллаллар, атын дьону кытта дьэ, чэпчэкитик кэпсэтэллэр. Ардыгар киһи уйулҕатын өр кэмҥэ алдьатар балаһыанньалар эмиэ бааллар. Холобур, чугас дьону, үлэни сүтэрии, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах алдьархайа, дьиэ кэргэҥҥэ киһини сылатар мөккүөрдээх түгэннэр, эппиэтинэстээх, күүрээннээх үлэ уо.д.а. Онуоха күннээҕи олоххо стреһи түргэнник аһарар дьон кылгас кэмҥэ умнар уонна уоскуйа түһэр туһугар арыгы иһиэхтэрин эбэтэр наркотигы туһаныахтарын сөп. Ол гынан баран, төттөрүтүн, кыһалҕалара өссө элбиир. Саҥа ыарахаттар үөскүүллэр, дьиэ кэргэнигэр сыһыана өссө сытыырхайар, итирик сылдьан тугу оҥорбутуттан кыбыстар, онто да суох бэйэтин намыһахтык сананара өссө улаатар, аймалҕана улаатар. Оччотугар салгыы итириктээн, барытын умнар уонна куотар турукка киирэр.

Психолог сүбэтэ:

— Психоактивнай веществоларга ылларбат туһуттан киһи чөл олоҕу тутуһуохтаах. Ол эбэтэр доруобуйаҕа туһалаах, сөптөөх аһылыгы аһыахтаах, күннээҕи үлэ уонна сынньалаҥ режимин тутуһуохтаах, бэйэни намтатынар санааларын (хоргутуу, бэйэни аһыныы, атын дьону кытары бэйэни тэҥнээн көрөөһүн уо.д.а.) туоратыахтаах.

— Бэйэтэ сөбүлүүр, астынар дьарыгынан (ааҕыы, муусука, уруһуй, салгыҥҥа сылдьыы, спордунан дьарыктаныы) солото суох сылдьар киһи куһаҕан дьаллыктан харыстанар.

— Оҕону кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэн сыаннастарыгар, култуура үгэстэригэр үөрэтиэххэ наада. Төрөппүттэр бэйэлэрин оҕолорун иитиилэригэр сүрүн дьонунан буолуохтаахтар, майгы-сигили нуормаларын тус холобурдарынан көрдөрүөхтээхтэр, оҕолорун спорка сыһыарыахтаахтар, өйдөрүн-санааларын сайыннарыахтаахтар, уопсастыбаҕа миэстэлэрэ туруктаах, ситиһиилээх буоларыгар үөрэтиэхтээхтэр.

This post was published on 05.03.2018 09:30 09:30