Нам улууһугар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай – Бэдьээлэ 115 сылыгар анаммыт ыһыах буолла. Биллиилээх олоҥхоһукка анаммыт саха норуотун бырааһынньыга икки сиринэн ыытылынна.
Биллиилээх олоҥхоһут, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай – Бэдьээлэ 115 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх үрүҥ тунах ыһыах бэс ыйын 28-29 күннэригэр Көбөкөн уонна Фрунзе нэһилиэгэр буолан ааста. 28 чыыһылаҕа Көбөкөн дьоно-сэргэтэ киэҥ түһүлгэҕэ тойук туойан дьиэрэһитээри, ырыа ыллаан ыпсараары, ыһыах ыһаары киэҥ түһүлгэҕэ тупсарыллыбыт пааркаҕа муһуннулар. Арчыланыы сиэрин-туомун алгысчыт Петр Охлопков ыытта. Дьону-сэргэни көнньүөрбүт кымыһынан күндүлээтилэр. Нэһилиэк олохтоохторо П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан театрализованнай көстүү туруоран дьону олоҥхо эйгэтигэр тириэртэ.
«Нам улууһа» МТ баһылыгын бастакы солбуйааччыта Инна Сивцева, баһылыгы тутууга солбуйааччы Степан Матвеев, ТХУ начальнига Прокопий Окоемов, поэт, «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ Юрий Потапов-Саргын, Көбөкөн нэһилиэгэр өр сылларга баһылыктаабыт, Көбөкөн Ытык киһитэ Константин Ноговицын, Фрунзе нэһилиэгин баһылыга Иван Ядрихинскай уонна Көбөкөн нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Бугаев көс-бас дьоннорбут уруйдаан айхаллаан уйгулаах ыһыаҕынан эҕэрдэ тыллары эттилэр, махтал суруктары туттартаатылар. Мустубут дьон, ыҥырыылаах ыалдьыттар илии-илииттэн ылсыһан киэҥ түһүлгэҕэ оһуохайдаан ойдулар, тойугу тобулуттан ыллылар.
П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ айымнньыларын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы, саха фольклорун жанрын үйэтитии, харыстааһын, тэнитии диэн сыаллаах-соруктаах оллоонноон олорон олоҥхо этиитигэр, оһуохайга, «Дьиэрэй дэгэрэҥ ырыа» диэн норуот ырыаларыгар, «Кутуллар кылыһах дорҕооно» фольклорнай композиция күрэхтэрэ ыытыллыннылар.
Сүүрүү, атах оонньуута, хапсаҕай, мас тардыһыытын күрэхтэрэ дьону көҕүлээтэ.
Саамай кэтэһиилээх «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» кэрэ куоларга аналлаах күрэх буолла. Күрэх биэс көрүҥүнэн ыытылынна: бэйэни билиһиннэрии, сүүрүү 200 м, үс төгүл үскэ, үҥүү быраҕыытыгар, сахалыы таҥаска.
Ыһыах иккис күнэ, бэс ыйын 29 күнүгэр, Бэдьээлэ төрөөбүт дойдутугар, түөлбэлээн олорбут сиригэр Фрунзе нэһилиэгэр «Чэчир» сынньалаҥ пааркатыгар ыытылынна. Паарка көҕөрөн чэлгийэн, күммүт уота чаҕылыччы мичилийэн кэлбит дьону үөрэ-көтө уруйдуу-айхаллыы көрүстэ. Ыһыахха мустубут дьон биир сомоҕонон параадтаан киирдилэр, үүммүт күнү уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр.
Арчы түһүлгэтин, дьону-cэргэни ыраастааһын, сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, кымыһынан айах тутуу сиэрэ-туома ыытылынна. Фрунзе нэһилиэгин баһылыга Иван Ядрихинскай кэлбит дьону уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ, Бэдьээлэ аймахтара тыл эттилэр, саамай тыҥааһыннаах, дьон болҕомтотун тарпыт «Ала Дуурай» боотурдар күрэхтэрэ буолла, ону таһынан хапсаҕай абсолютнай күрэҕэ ыытылынна.
Бэдьээлэҕэ анаммыт икки күннээх ыһыаҕы сабыы илии-илииттэн ылсан оһуохайынан түмүктэннэ, кэлбит дьон үөрэн-көтөн тарҕастылар.
This post was published on 30.06.2016 16:31 16:31