22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Намнар Кыайыы 75 сылын көрсө үйэтитии үлэтин тохтоло суох ыыталлар

16:20, 16 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһугар Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө «75 үтүө дьыала» аахсыйа биллэриллибитэ. Кыра нэһилиэктэр үс, орто нэһилиэктэр түөрт, улахан нэһилиэктэр биэс дьыаланы олоххо киллэриэхтээхтэр. Бу үтүө саҕалааһын хаамыытын билсэ, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.Д. Кобякова, президиум чилиэнэ Г.И. Эверстов буолан, нэһилиэктэринэн сырыттылар.


Хамаҕатта

Айаммытын Хамаҕаттаттан саҕалаатыбыт. Баһылык И.Н. Максимовы уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Е.Г. Дорофееваны кытта көрсөн, бэрт сэргэх кэпсэтии ааста. Урут Никольскай, Хамаҕатта, Салбаҥ нэһилиэктэрэ биир нэһилиэк этилэр. Онон бэтэрээннэр ааттарын чуолкайдааһын барар эбит.

Манна бэлэмнэнии үлэ сайыҥҥыттан барбыт. Кыайыы скверин бетоннуурга олохтоох бүддьүөттэн 200 тыһ. солк. харчыны көрбүттэр. Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин пааматынньыктарыгар тротуарнай билииккэ ууруллубут. 2020 сыллааҕы бүддьүөккэ үп көрөн, мемориальнай билиитэлэри саҥардыахтаахтар. Ыһыахтыыр пааркаҕа сэриигэ барбыттарга аналлаах өйдөбүнньүк сөргүтүллүөхтээх.

2 кинигэ бэчээккэ бэлэмнэнэр. Ол курдук, сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах кинигэ матырыйааллара хомуллаллар. Ону кытта Г.И. Кривошапкин кыыһа И.Г. Васильева сэрии кэминээҕи детдом иитиллээччилэрин ахтыыларынан кинигэ таһаарыахтаах.

Холкуостар уонна кинилэр салайааччыларын ааттарын үйэтитиигэ былааннаах үлэлэр бараллар. 2018 сылга «Ленин» холкуос бэрэссэдээтэлинэн бэриниилээхтик үлэлээбит Н.Н. Москвитин 100 сааһын туолбут. Кини аатынан уулуссаҕа өйдөбүнньүк дуоска ыйаабыттар, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕунан ытыыга күрэхтэһии ыыппыттар.

Үөдэй

Салгыы Үөдэй нэһилиэгэр айаннаатыбыт. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Ф.В. Николаев уонна судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ А.Н. Ядреев көрүстүлэр. Эдэр салайааччы Филипп Васильевич бырайыактаммыт үлэлэри сиһилии кэпсээтэ, сквери көрдөрдө.

Бу нэһилиэккэ былааннаах үлэлэр саҕаламмыттар. А. Федосеев биригээдэтэ Кыайыы скверигэр 300 тыһ. солк. суумалаах саҥардыы үлэлэрин ыытыахтаах. Ол курдук, киирии аарка тутуллуохтаах, мемориальнай дуоскалар мрамордыҥы матырыйаалынан оҥоһуллуохтаахтар. Сквер тула өттө тимир атахтаах 16 лаампаларынан сырдатыллыахтаах. Тулатыгар мас, сибэкки арааһа олоруохтаах. Бу үлэлэр быйыл түмүктэниэхтээхтэр. Үбүн-аһын олохтоох дьаһалта көрбүт.

Сэрии сылларын оҕолоругар анаммыт мемориальнай билиитэ оҥоһуута саас түмүктэниэхтээх. Брошюра бэчээттэниэхтээх. Нэһилиэк үбүлүөйдээх сылынан оҥоһуллубут стела кытыыта бетоннанар, күрүөлэнэр.

Олохтоох дьаһалта аттыгар тутуллуохтаах саха балаҕанын аукциона түмүктэммит. Саас субуотунньуктаан кэрдибит мастара хатырыктанан хонтуора таһыгар кыстаммыт, түһэр сирэ кумаҕынан үрдэтиллибит.

I Хомустаах

Нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта В.В. Ушаков, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Г.Н. Прокопьева ылыныллыбыт үлэлэри билиһиннэрдилэр. Владислав Владимирович иһитиннэрбитинэн, муус устарга нэһилиэги тупсарыыга, СМИ-ны кытта үлэҕэ, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ, ыччаты патриотическай иитиигэ хамыыһыйалар тэриллибиттэр. Биир саамай сонун үлэнэн тэрилтэлэринэн 75 үтүө дьыала былааннаммытын бэлиэтиэххэ сөп.

Кыайыы пааматынньыга биир дойдулаахтара, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.П. Атласов үбүлээн, саҥардыллыахтаах. Өрөспүүбүлүкэбит биир улахан министиэристибэтин салайааччыта кыайыыны уһансыбыт, сэрии толоонугар охтубут дьон ааттарын үйэтитиигэ тус кылаатын киллэрбит. Бу курдук хомустаахтар улахан салайааччыга тиийэ үүннэрбит бастыҥ киһилэрэ дойдутугар туһалааҕы оҥороро үтүө үгэскэ кубулуйар.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин куонкуруһугар кыайан, 1 мөл. 450 тыһ. солк. суумаҕа 340 м усталаах «Аллея Славы» оҥоһулла турар эбит. Бу тутуу «Аартык» маҕаһыынтан Кыайыы пааматынньыгар диэри барар. Бетоннай тротуар, сынньанар ыскамыайкалар туруохтаахтар, лаампалар ыйаныахтаахтар. Манна сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, нэһилиэк ытык, үтүө үлэһит дьонун, чулуу спортсменнарын ааттара-суоллара үйэтитиллиэхтээхтэр. Тутуу сэтинньигэ бүтүөхтээх. Биһиги сылдьыбыт күммүтүгэр буора, кумаҕа таһыллан бэлэм сытара.

Кыайыы болуоссатын олбуора, монуменнара саҥардыллаллар, тротуарнай билииккэ ууруллар. Бетонтан кутуу 2 саҥа монумент тутуллаллар. Урут сурукка киирбэтэх бэтэрээннэр, сэрии кэмин оҕолорун ааттара үйэтитиллиэхтээхтэр. Болуоссаты сырдатар  банаар остуолбалара туруохтаахтар. Үлэ алтынньы 30 күнүгэр түмүктэниэхтээх.

Манна «Болот» ХЭТ куонкуруска кыайан, 1 мөл. 250 тыһ. солк. суумалаах үлэни саҕалаабыт.

Оскуолаҕа тыыл бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр тэриллибиттэр. 90 саастаах доруобуйа харыстабылын, тыыл бэтэрээнэ Е. Терентьеваҕа бэлэх туттарбыттар. Л.Н. Неустроев аатынан уулуссаҕа стела турбут. 2 кинигэ күн сирин көрбүт. Бэлиэтээн эттэххэ, хомустаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларынан эбии үп-ас көрдөрөннөр, Кыайыы үбүлүөйүн көрсөр былааннара киэҥ.

Партизан

Биһигини нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта П.И. Скрябина көрүстэ. Полина Ивановна: «1 мөлүйүөн 100 солкуобай суумалаах смета оҥоһулунна. Таптал уонна дьиэ кэргэн скверигэр герой-ийэлэргэ аналлаах обелиск оҥоһуллуохтаах. 2 кинигэ күн сирин көрүөхтээх. Ол курдук, сэрии кыттыылаахтарын оҕолорун ахтыылара уонна «Коммуна» тэриллибитэ 90, «Нам» совхоз тэриллибитэ 60 сылларыгар аналлаах кинигэлэр тахсыахтаахтар. Билигин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ ахтыы хомуйаллар. Тохсунньуттан матырыйааллар бэчээттэниэхтээхтэр. Музейбытын эргэ оскуола остолобуойугар, бэтэрээннэрбит көрдөһүүлэринэн, саха балаҕанын олохтоох дьаһалта дьиэтин таһыгар көһөрдүбүт.

Кыайыы скверин фонтана саҥардыллыахтаах. Сэрии кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин ааттара кыһыл көмүс буукубанан үйэлээхтик лазерынан суруллуохтаахтар».

Никольскай

Манна Кыайыы скверэ саҥардыллыахтаах. Тулата лаампаларынан сырдатыллыахтаах, ыскамыайкалар туруохтаахтар, сэрии кыттыылаахтарын ааттара суруллубут билиитэлэр, «Үйэлэргэ умуллубат уот» аныгы матырыйаалынан оҥоһуллуохтаах. Олохтоох дьаһалта үбүлээһининэн, «Сэрии ыар тыына» диэн кинигэ бэчээккэ тахсыахтаах.

Түбэ

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Петр Попов: «3 үтүө дьыаланы былааннаатыбыт. Бастакы улахан үлэбит диэн, «Проекты местных инициатив» бырагырааманан Кыайыы скверин саҥардабыт. Сквергэ киирэр аарканы пааматынньыкка утары турар гына тутуохпут. Таһынааҕы ойууру күрүөлээн-хаһаалаан, аллея оҥоруохпут.

Иккиһинэн, оскуола бибилэтиэкэрэ Марита Афанасьевна көҕүлээһининэн, «Албан аат суолунан» диэн аахсыйа биллэриллэн, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна ыччат Түбэ нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыт дьон сэриигэ аттаммыт суолларынан айанныахтара. Ол курдук, Үрүҥ Күөлтэн саҕалаан Булуус сэлиэнньэтинэн Култуура учаастагар тиийиэхтэрэ. Оччотооҕу тыыны биэрэн, сэриигэ аттанаары туран, биир дойдулаахтарбыт тэрийбит миитиннэрин инсценировкалаан көрдөрүөхпүт. Тылбытынан кэпсиэхпит. Хас биирдии саллаат аатын ааттыахпыт. Онтон Култуураттан Хатыҥ Арыыга, Туллук Аартыгар тиийэн, Түбэ саллаата төрөөбүт дойдутуттан тэйэн, уоттаах сэриигэ аттаммыт сирин оҕолорбутугар көрдөрүөхпүт. Салгыы Нам сэлиэнньэтигэр бэтэрээннэри, уопсастыбаннаһы кытта көрсүһүөхпүт.

Үсүһүнэн, дьиэтээҕи архыыптарга кассеталарга хараллыбыт матырыйааллары оцифровкалаан, кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбит тыыннаах мөссүөннэрин, куоластарын, кэпсээннэрин үйэтитиэхпит. Бу матырыйааллары «Живые голоса ветеранов» диэн ааттаан, кылаас чаастарыгар туһаныахпыт, музейдарга көрдөрүөхпүт».


Мантан көрдөххө, нэһилиэктэр Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнии үлэлэри былааннаахтык саҕалаабыттар.

Софья Дмитриевна үлэни-хамнаһы билсэн баран, холкуостар, урут чуолкайдамматах бэтэрээннэр ааттарын үйэтитиигэ болҕомто уурарга сүбэлээтэ. «Кыайыы 75 сылыгар бу үлэлэри ыыппатахпытына, Кыайыы 80 сылыгар ити кэмнэри, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин билэр, өйдүүр да киһи аҕыйыаҕа», — диэн мустубут дьон биир санааҕа кэллилэр.

Ааптар: А. КОРЯКИНА, «Эҥсиэли» хаһыат, ulus.media

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар