Балаҕан ыйын 21-25 күннэригэр Нам улууһун делегацията Хабаровскай куоракка сылдьан араас өрүттээх тэрээһиннэргэ кытынна, ону сэргэ уопут атастастылар. Ол курдук, XVIII-с Приамурскай атыы-промышленнай дьаарбаҥкаҕа уонна регионнар икки ардыларынааҕы IX-с фестивалга улахан ситиһиилэннилэр. Дьаарбаҥкаҕа Россия 17 регионуттан 150 араас хайысхалаах компаниялар кыттыыны ыллылар. Тэрээһиҥҥэ былырыын Саха сирин аатыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһа кыттыыны ылбыт, онтон быйыл Нам улууһа кыттар чиэскэ тиксибитэ.
«Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, солбуйааччылара Марина Обутова, Ефим Гоголев, специалистар Марианна Овчинникова, Анастасия Олесова, Ленскэй, Салбаҥ, Модут нэһилиэгин баһылыктара Андрей Новгородов, Афанасий Новиков, Петр Сокольников, «Бизнес инкубатор» директора Алексей Винокуров культура уонна духуобунас сайдыытын управлениетын начальнига Елена Заровняева уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ, «Мичээр», «Ньургуһун» үҥкүү коллективтара, «Дьүрүл», «Добун» ансаамбыллар кыттыыны ыллылар. Атыы-промышленнай дьаарбаҥкатыгар «Эрэл» ТХПК, «Кэрэ» фирма, СР норуотун маастара Татьяна Карамзина, урбаанньыттар Валентина Суздолова, Сардаана Олесова араас эгэлгэ оҥоһуктары атыылаатылар.
Нам улууһун делегациятын Амур өрүс биэрэгэр киирэн алгысчыт Петр Охлопков сиэри-туому толорон алҕаан Үрдүк айыыларга сүгүрүйдэ. Дьаарбаҥка Нам улууһун айар коллективтарын талба талааннаахтарын чаҕылхай толорууларынан үөрүүлээхтик аһыллан үлэтин саҕалаата. Дьаарбаҥка түмүгүнэн «Эрэл» ТХПК астара «Продуктовые товары» диэн номинацияҕа кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна. Дьаарбаҥкаҕа хас биирдии бородууксуйаттан атыылаһааччылар сөҕө-махтайа амсайан көрдүлэр, онон бородууксуйаны хамаҕатык атыыластылар, урбаанньыттар да оҥоһуктарын биһирээннэр ылааччы үгүс.
Нам делегацията дьаарбаҥканы, кэнсиэри таһынан араас хабааннаах тэрээһиннэргэ сырыттылар, уопут атастастылар. Ол курдук, Хабаровскайга баар Беларусь республикатын посольствотын салайааччытын Александр Бобцобу кытта көрүстүлэр. Манна кини тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, Россия регионнарыгар беларусскай техникалары таһаарыыны, агропромышленность хайысхатын билиһиннэрдэ. Маны таһынан, Аппааныга кирпииччэ собуот тутуутун инвестбырайыагын чэрчитинэн Виноградовка сэлиэнньэтигэр баар автоматизированнай кирпииччэ собуотугар сырыттылар. Манна М-100, М-125 мааркалаах кыһыл керамическай кирпииччэ, итиини тутар кыахтаах блогу уонна бетону оҥорон таһаараллар. Собуот чугастыы туой баар сиригэр тэриллэн 2013 сылтан үлэтин саҕалаабыт. Бэйэлэригэр бородууксуйа хаачыстыбатын оҥорууга аналлаах лабораториялаахтар, онон ГОСТ-ка толору эппиэттиир. Салгыы «Спецавтохозяйство по санитарной очистке» диэн бөҕү-саҕы оҥорор собуокка сылдьан хайдах үлэлииллэрин билистилэр. Манна бөҕү көрүҥүнэн наардаан туһаҕа таһаараллар. Хайа да нэһилиэккэ күһүнүн, сааһын көҕөрдүү, мас олордуу үлэтэ ыытыллар. Онон уопут атастаһа Хабаровскай куоракка көҕөрдүү үлэтин ыытар «Горзеленстрой» тэрилтэҕэ сылдьан хайдах үлэлииллэрин билистилэр. Тэрилтэттэн Ленскэй, Салбаҥ, Модут баһылыктара нэһилиэктэрин тупсараары тополь мастары ылан кэллилэр.
Биир сүрүн сырыынан Вяземскай куоракка Александр Атласов оройуон баһылыгын Ольга Мещерякованы кытта бииргэ үлэлэһии Сөбүлэһиитигэр илии баттаатылар. Ольга Васильевна солбуйааччыларын кытта тыа хаһаайыстыбатыгар, предпринимательствоҕа уонна да атын салааларга ыытыллар үлэлэр туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Биһиги да өттүбүтүттэн элбэҕи сэҥээрдилэр, онон инникитин бииргэ үлэлэһэргэ суолаталаах, инникилээх буолла. Маны сэргэ, куоракка үүт аһы оҥорор «Фреш-милк» комбинат баарыгар сырыттылар. Манна генеральнай дириэктэр үлэни-хамнаһы билиһиннэрдэ.
Былаан быһыытынан Хабаровскай кыраай Анастасьевка сэлиэнньэтигэр баар байыаннай чааска Саха сириттэн тиийэн сулууспалыы сылдьар эдэр дьоҥҥо анаан кэнсиэр көрдөрдөрдүлэр. Улуус уонна нэһилиэк баһылыктара Аҕа дойду чиэһин толорон сулууспалааччыларга махталларын эттилэр. Дойдуларын сонунун тириэрдэр республика хаһыаттарын уонна минньигэс ас арааһын биэрэн санааларын бөҕөргөттүлэр. Маны таһынан бэйэбит улууспутуттан тиийэн үөрэнэ сылдьар устудьуоннары кытта көрсөн кэпсэттилэр. Хайдах олороллорун, үөрэхтэрин туһунан билиһиннэрдилэр.
This post was published on 03.10.2016 16:08 16:08