22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Намнар дьиэҕэ олорон куйаар нөҥүө араас тэрээһиннэргэ кытталлар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһунан биллэриллибит харантыын кэмигэр дьон-сэргэ хаайтарда, үлэ-хамнас атахтанна, уйулҕа хамсаата. Онуоха онлайнынан үлэ күүһүрдэ. Намнар Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх бырааһынньыгыттан саҕалаан, дьиэҕэ олорон араас уопсастыбаннай дьаһалларга кыттар буоллулар.


Намнар Кыайыы бырааһынньыгыттан саҕалаан, ыытыллар онлайн-тэрээһиннэргэ барытыгар олус көхтөөхтөр. Дьиэлэригэр олорон эрэ социальнай ситимнэринэн араас куонкурустарга, викториналарга, быыстапкаларга кытталлар.

Пухова Анастасия Ивановна, “Хардыы” түөлбэ:

— Мин инстаграм нөҥүө араас куонкурустарга кытынным. Дойдум Уус Алдан улууһун Мындаабатааҕы культура дьиэтэ тэрийбит сахалыы таҥас көрүүтүгэр кыттыстым. “Киин куорат” хаһыат ыыппыт ньургуһун туһунан хоһоон айыытын күрэҕэр дьүһүйүү ыытаммын, ситиһиилэнним. Олохтоох “Түһүлгэ” НАК Кыайыы бырааһынньыгынан эҕэрдэтигэр кыттыһан хоһоон аахтым. Онон, дьиэҕэ олорон сөбүлүүр дьарыктарбынан күрэхтэргэ кыттарбар усулуобуйа баар буолбутуттан үөрдүм.

Баишева Феврония Гаврильевна, Арыы Тиит түөлбэ:

— Мин аҕам Гаврил Павлович Баишев Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ. Кинини кэриэстээн М.П. Обутова-Эверстова аатынан Тулагытааҕы норуот айымньытын киинэ тэрийбит “Славной Победе посвящается” хоһоон ааҕааччылар уус-уран литературнай көрүүлэригэр кытынным.

Жиркова Матрена Алексеевна, “Кытыл” түөлбэ:

— Клим Федоров аһаҕас эфирин көрөөччүбүн, Анастасия Готовцева концерын сэргээтим. Ону таһынан “Киин куорат” хаһыат уонна Арчы дьиэтэ “Ньургуһун – Кыайыы, таптал, олох сибэккитэ” диэн ньургуһуҥҥа аналлаах конкурстарыгар оҥоһукпунан кыттыбытым. Фоамирантан ньургуһуннаах светильник оҥорбуппар, куйаар ситимин нөҥүө 3-с үрдэл туоһута кэллэ. Түөлбэбит олохтоохторо Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр олбуордарын, түннүктэрин киэргэппиттэрин, бассаабынан ыытыһан көрдүбүт, эҕэрдэлэстибит. Ыам ыйын 7 күнүгэр ыытыллыбыт “Свеча Памяти” акцияны түөлбэбит начальнига В.Р. Винокурова видеоролик оҥорон, үйэтитэн тарҕатта.

Оконешникова Марфа Ивановна, “Книги+” маҕаһыын сэбиэдиссэйэ:

— Кыайыы күнүн көрсө олохтоох предприниматель Евдокия Сергеевна Аммосова уонна “Книги+” маҕаһыын “Парад во дворе” конкурс биллэрбиппит. “Арыы Тиит” түөлбэттэн Мокрощуповтар, “Хардыыттан” Местниковтар, “Кытылтан” А.Г. Местникова, “Сайдамтан” Больницкайдар, “Үрдэлтэн” Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ бастыҥнарынан ааттанан биһигиттэн бэлэх туппуттара. Онтон “Книги+” маҕаһыын суруйтарааччыларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт инста-конкурс бирииһин “Кытыл” түөлбэ олохтоохторо Охлопковтар дьиэ кэргэннэрэ ылбыта.

Кудрина Оксана Михайловна, “Түһүлгэ” НАК фольклорга специалиһа:

— Инстаграм, ютуб страницаларбытыгар сонуннары, биллэриилэри, эҕэрдэлэри, конкурстары, челленджтэри, видеороликтары угабыт, санаа көтөҕөр иһитиннэриилэри ыытабыт. Күүтүүлээх Улуу Кыайыыбыт үбүлүөйдээх күнүн сонун форматынан ыыттыбыт. Бу күн “Кыайыы сарсыардатынан!” диэн баһылык И.Н. Максимов салайааччылаах авто-радиорубка уулуссаларынан параадынан, пааматынньыктарга венок ууруутунан саҕаланна. Ленинград блокадатын кыттыылааҕа Э.Д. Ущницкаяҕа, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттардылар. Нэһилиэкпит олохтоохторо сэрии бэтэрээннэрин албан ааттарыгар сүгүрүйэн, Кыайыы болотунатын тигиигэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
“Кыайыы күнүгэр — бары бииргэ!” марафоҥҥа Ийэ дойдуларын көмүскээбит, кыайыыны аҕалсыбыт аҕаларын, эһэлэрин ахтан-санаан эҕэрдэлэрин ыыппыт дьиэ кэргэттэрбитигэр, “Кыайыыны уһансыбыттарга махтанабыт!” акцияҕа кыттыбыт ыччаппытыгар коллектив аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Парникова Юрчана Юрьевна:

— Улуу Кыайыы 75 сылынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XV-с “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыылара буолла. Бу күрэххэ “Аман өс” түмсүүгэ дьарыктыыр уолаттарым сыл аайы кытталлар. Күрэхпит ютуб ханаалынан ыытылынна. Ааҕыыларга 10 улуустан уонна Дьокуускай оскуолаларыттан 29 бөлөх (255 оҕо) видеоролигынан кэтэхтэн кытынна. Ааҕыыларга буойун-суруйааччылар, буойун-суруналыыс, буойун-учуутал оҕолоро, дьоно-сэргэтэ, аймахтара кыттыыны ыллылар. Уолаттарым буойун-суруйааччы А.С. Бродников аатынан Лауреат, Алеша Парников “Бастыҥ ааҕааччы” анал ааттары ыланнар үөрүүбүт үксээтэ. Дьиэҕэ да олордорбут, күрэхпит куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбытыттан бары да үөрдүбүт, астынныбыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА