“Үс хатыҥ” сиригэр Сахабыт сиригэр самаан сайыны уруйдуур Туймаада ыһыаҕар араас сонун тэрээһин ыытыллан, дьон сүргэтин көтөхтө. Нам далбардара эмиэ ыһыаҕы киэргэтистилэр.
Туймаада ыһыаҕын сонун бырайыагынан аар “Далбар хотун” олбох буолла. Республика үрдүнэн 900-чэкэ иистэнньэҥ дьахтар 1х1м иэннээх өҥнөөх лоскуйдары биэтэстээн тигэн аҕалан, холбуу тутан 30х32м иэннээх аар олбох оҥорон тэлгэппиттэрэ көрүөххэ астык, олус сиэдэрэй хартыына буолла.
Манна Нам, Хаҥалас, Уус Алдан, Амма, Чурапчы, Таатта улуустарыттан киирэн кыттыстылар, ыраах улуустартан үлэлэрин ыытан холбоотулар. Бу акцияны саха иистэнньэҥ дьахталларын “Сахалыы таҥас” уопсастыбаннай тэрилтэтэ көҕүлээн тэрийдэ. Тэрилтэ салайааччыта Светлана Максимова бөлөхтөрү тэрийтэлээн, салайааччылары анаан улуустары кыттыһыннарда.
Нам улууһун иистэнньэҥнэрин София Муксунова дьаһайан, хомуйан сатабыллаахтык үлэлээтэ. Кини тэрийиитинэн Нам улууһуттан Хатырык, Модут, Аппааны, Граф биэрэгэ, Нам, Хамаҕатта, Партизан нэһилиэктэриттэн 80-ча дьахтар кыттыыны ыллыбыт. Саха омук сиэрин көрдөрөр олус улахан олбох ортотугар “Далбар хотун” Бэлиэтэ киирбит, кытыытыгар “Сахалыы таҥас” диэн суруктаах, саха сүрүн өҥнөрө туттуллубут дьэрэкээн дьүһүннээх олбох дьон болҕомтотун тарта.
Күөх ньаассын окко тэлгэнэн кустук араас өҥүнэн дьэрэкээннэнэн нэлэһийэ сытта. Бу элбэх киһи түмсэн оҥорбут сиэдэрэй олбоҕун бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова кэлэн сэргээн, ыйыталаһан, хаартыскаҕа түсүһэн барбыта үөрүүбүтүн үксэттэ.
Аар олбох тула мааны таҥастаах далбар хотуттара оһуохайдаан ыллыбыт, хаартыскаҕа түһэн үйэтиттибит. Бу күн элбэх киһи кэлэн сонун көстүүгэ хаартыскаҕа түстэ, сонурҕаан көрдө-иһиттэ. Намнар бу үлэбитин бэс ыйын 10 күнүгэр мунньан спорткомплекс стадионугар тэлгэтэн эмиэ флешмоб тэрийбиппит, онтон сүргэбит көтөҕүллэн куоракка киирэн көхтөөхтүк кытынныбыт, Туймаада ыһыаҕын киэргэтистибит.
This post was published on 28.06.2016 09:49 09:49