Нам Ыһыаҕын оонньууларыгар Артем Варданян муҥутуур кыайыылаах буолла

Хапсаҕайдьыт Артем Варданян төрөөбүт Намын улууһугар ыытыллыбыт Ыһыах чөмпүйүөнэ буолла.


Улахан күөнтэһиилээх, эрийсиилээх күөн көрсүү кэнниттэн Артем Варданян былырыыҥҥы оонньуулар кыайыылаахтарын Алексей Кутуковы үс ахсаанынан кыайда. «УАЗ» массыынаны киниэхэ бириис быһыытынан биэрдилэр.

Күрэстэһээччилэр үс төгүл үскэ, тутум эргииригэр, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар уонна сүүрүүгэ, барыта биэс көрүҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр. Артем Варданян сүүрүүгэ, тутум эргииригэр уонна хапсаҕайга тэҥнээҕин булбата. Мас тардыһыытыгар 80 кг диэри ыйааһыҥҥа киирсэр аан дойду чөмпүйүөнүгэр Алексей Кутуковка баһыйтарда. Оттон ыстаҥаҕа төрдүс миэстэни ылла.

«Кыайыы үктэлигэр тахсарга күрэхтэһии көрүҥэ барыта ураты суолталаахтар. Алексей Кутуковтыын эрбии тииһин курдук биир тэҥ кэрдиискэ тиийбиппитигэр, хапсаҕай уонна сүүрүү сүрүн миэстэни ыллылар. Түмүккэ мин кинини баара-суоҕа үс эрэ ахсаанынан хоттум. Дыгын Оонньууларын иннинэ миэхэ бу күрэстэһии – улахан төһүү», — диэн СИА-ҕа Артем Варданян эттэ.

Турнирга барыта 13 спортсмен кытынна. Нам улууһун дьаһалтата кыайыылааҕы «УАЗ-3741» массыынанан наҕараадалаата.

This post was published on 22.06.2016 15:25 15:25