Нам улууһун сайдыытыгар анаммыт саҥа эбийиэк үлэтин саҕалаата

Нам сэлиэнньэтин хабыллар хаба ортотугар дьэндэйэн тахсыбыт «Үрдэл» дьыалабыай киин арылынна. Улуус социальнай-экономическай олоҕор сүдү суолталаах эбийиэк үлэтин саҕалаата.


Вадим Кутуков салайааччылаах «Намстрой» ХЭТ улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах. Бу иннинэ элбэх квартиралаах дьиэлэри туппут буоллаҕына, бу сырыыга улууска аан бастакытын маннык улахан, дьоҥҥо-сэргэҕэ бары өттүнэн туһалаах, кэскиллээх киини үлэҕэ киллэрдэ.

Киин аалай лиэнтэтин урбаанньыт Вадим Кутуков, улуус баһылыга Юрий Слепцов, Ленскэй нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин председателэ Александр Кириллин быстылар. Дьиэлээх хаһаайын киирии тылыгар бииргэ үлэлээбит халыҥ хамаандатыгар, көмө буолбут доҕотторугар, тэрилтэлэргэ Махтал сурук туттартаата. Юрий Иннокентьевич улууска маннык үтүө үлэһит урбаанньыттар улуус сайдарын туһугар үлэлэһэллэригэр махтанна, киэн туттабыт диэн бэлиэтээтэ.

Дьыалабыай киин аһылынна. 50-тан тахса үлэ миэстэтэ таҕыста. Бу улахан көрдөрүү. Бастакы этээскэ атыы-эргиэн эрээттэрэ, иккискэ киэҥ-куоҥ банкет саалата бааллар уонна үһүс этээскэ конференц-сааланы сэргэ араас дьыалабыай тэрилтэлэр киириэхтэрэ.

Ааптар: Анна Созонова, Нам улууһа

This post was published on 20.12.2019 09:42 09:42