CӨ наукатын Алын академиятыгар “Большие вызовы” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-технологическай бырайыактар куонкурустарын региональнай финалын түмүктүүр тэрээһин буолла. Бэлиэ түгэҥҥэ кыайыылаахтары уонна бириистээх миэстэҕэ тиксибит оҕолору наҕараадалаатылар.
Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы гимназия 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Москвитина «Мобильное приложение школьного музея Намской улусной гимназии» бырайыагынан кыттан 2-с бочуоттаах миэстэни ылан, улууһун аатын ааттатта.
Оттон Намнааҕы 2-с №-дээх орто оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Анатолий Федоров 3-с миэстэни ылла, суруйда @gazetaensieli
This post was published on 27.03.2024 12:28 12:28