Нам улууһун гимназиятыгар маассабай спортка олук ууруллар

Оҕо спортка сыстарыгар, маҥнайгы олугу оскуолалар, эбии үөрэхтээһин дьиэлэрэ уураллар. Нам улууһугар Н.С. Охлопков аатынан гимназия үөрэнээччилэрэ бары эйгэни тэҥҥэ туталлар. Тэрилтэ директора Александр Новгородов сүрүн үөрэҕи таһынан оҕону чэбдигирдэр, сүүрдэр-көтүтэр туох-ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын туһунан кэпсээтэ.


Нам улууһунааҕы гимназия директора Александр Новгородов үөрэх эйгэтигэр үлэлээбитэ номнуо 26 сыла буолла, ол иһигэр 6 сыл директор дуоһунаһыгар. “Директордаабыт, аҕа саастаах доҕорбор Валерий Николаевич Поповка махталым муҥура суох”, – диир кини.

Оҕо сүрүн үөрэҕи таһынан, бары өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах

Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназияны сылга ортотунан 35-37 үөрэнээччи бүтэрэр. Үөрэнээччи бары өттүнэн сайдарыгар араас таһымнаах куруһуоктар баалларын директор Александр Валерьевич этэр.

Гимназия 10 президентскай оскуола иһигэр киирсэр. Бастакы президеммит Михаил Николаев оҕону кыра эрдэҕиттэн сайыннарарга диэн бэйэтин көҕүлээһининэн төрүттээбит “Рисуем все”, “Музыка для всех”, “Шахмат школ” бырайыактарын өрө тутабыт. Оскуолабытыгар оҕону иитэр-үөрэтэр туһунан анал программалаахпыт, ону таһынан, ФГОС ирдэбилинэн биэс хайысхаҕа (интеллектуальнай, спортивнай-чэбдигирдэр, духовнай-нравственнай, культурнай-эстетическай, социальнай) үлэлиибит. Бэйэбит программабыт бу хайысхаларга сыһыарыллан, барыта учуоттаныллан манна олоҕуран барар. Биллэрин курдук, гимназияҕа улууспут талыы оҕолоро кэлэллэр, онон таһымы түһэрбэккэ үөрэнээччилэри салгыы өссө сайыннарар сорук туруорунабыт.

Секцияларга, куруһуоктарга киирдэххэ, үгүс оҕону хабар, барыларын хамсатар массовай оонньуу көрүҥнэрин ыыта сатыыбыт. Онтон биирдиилээн ылыыга, биһиэхэ көмөҕө кэлэллэр эбии үөрэхтээһин оскуолалара (РДЮШОР, ДЮСШ, Музыкальнай оскуола, Түөлбэ). Ол курдук, талааннаах киһи барытыгар талаанаах диэн этии баар, биһиги иитиллээчилэрбит быыстарыгар, анал ааттаах-суоллаах, кэккэ ситиһиилээх оҕолор үгүстэр. Маны этэн туран, эбии үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр оҕолорбут үтүө түмүктэри көрдөрөллөрүттэн үөрэбит”, – диэн директор Александр Новгородов билиһиннэрэн саҕалыыр.

Оскуолаҕа айар кут салаата – ансамбль, уолаттар хордара, уопсай хор урукку тэтимин ыһыктыбакка үлэлиир. Ол курдук, выпускниктар хаста даҕаны бэйэ кэнсиэрин тэрийэн оҥорон турардаахтарын салайааччы киэҥ тутта этэр.

Дуобат, саахымат

Эрдэтээҥҥи сылларга гимназист дуобат, саахымат үөрэҕин оҕо спортивнай оскуолатыгар ылара. Ол кэнниттэн, оскуола салалтата уларыта тутан, тренер наймылаһан бэйэтин дьиэтигэр дьарыктыыр буолбута аҕыйах сылтан орпут. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ 1 — 6 кылааска диэри, үөрэнээччи дьарыктанара булгуччулаах буолбут. Саахыматка дьарыктааччы – гимназия выпускнига Айсен Касьянов, оттон дуобат көрүҥэр, ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик үөрэппит оскуола бэйэтин учууталлара дьарыктыыллар.

Хайыһар

Директор урут бэйэтэ да хайыһарынан күүскэ үлүһүйбүт кэмнээҕин кэпсиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэккэ уустуктар, ирдэбиллэр бааллар. Оскуола өттүттэн барыта оҥоһуллар (суол оҥоруу, үөрэтии таһыма), кылаас бары оҕотугар тиийэр хайыһарынан хааччыйаллар. Хомойуох иһин хайыһардааһын быстах эрчиллии. Программаларыгар кэмэ-кэрдииһэ сурулла сылдьар. «Эрдэтээҥҥи сылларга күһүн хаар түстэ да хайыһардыы тахсар буоларбыт. Билигин оннук гыммаккын, быраабыла хааччаҕыттан ханна да туора хаампат буоллахпыт. Арай, хайыһар көрүҥүн атын нэһилиэк оҕолоро өрө туталлар – кэтээн көрөөһүн түмүгүнэн, Үөдэй нэһилиэгин оҕолоро«, — диэн кэпсиир кини.

Физкультура уруога төһө нааданый?

Гимназияҕа түөрт физкультура учуутала үлэлиир – икки эр киһи, икки дьахтар: Олесов Денис Денисович, Ефремов Дмитрий Егорович, Аргунова Нария Ильинична, Жигальцова Анастасия Валерьевна. Физкультура уруога билигин даҕаны суолтата улахан. «Киһи этэ-сиинэ өйүн кытта тэҥҥэ сайдыахтаах. Төһө да өйү-санааны сайыннарбытыҥ иһин, эт-хаан өттүнэн хаалыылаах буоллаххына инникитин кыраны да тулуйбат буолуохха сөп. Ол курдук, өй уонна күүс арахсыбат тутулуктаахтар. Оскуола сыала-соруга – физкультура уруогун атыттары кытта тэҥҥэ дьүөрэлии тутуу. Бүгүҥҥү күҥҥэ физкультурник үлэтин чааһа эбиллэн турар. Арай биир кыһалҕабытынан буолар, оскуолабытыгар саала тиийбэтэ”, – диир директор киһи.

Быйылгыттан Нария Аргунова, оҕо кыра эрдэҕиттэн доруобай туруктаах буола улаатыахтаах диэн сыалтан “солевая комната” арыйан үлэлэтэр. Онтон, Анастасия Жигальцова волейбол көрүҥэр дьарыктанарга эбии бэйэ оҥоһугун оҥорторбута хайҕабыллаах. Салалта маныаха сөптөөх саҥа бырайыактары күүскэ өйүүр. Ол курдук, 2020 сыл саҥа үөрэх дьылыгар үктэнээт, оскуола иһинэн Доруобуйа сылын биллэрбиттэр. Бэлиэтээн эттэххэ, хас саҥа үөрэх дьылын аайы оскуола иһинэн араас хайысхаҕа күүһү уурар бэлиэ сыллары аныыр үтүө үгэстээх эбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ, доруобуйа бастакы миэстэҕэ турар. Ол иһин, физкультурниктан элбэх тутулуктааҕын, доруобуйаҕа сирдиир дьон күүскэ үлэлэһиэхтээҕин уонна оҕолорго сабыдыала үрдүк буолуохтааҕын Новгородов этэр.

Биһиги оскуолабытыгар, кэлэр көлүөнэҕэ олус элбэҕи хаалларбыт, холобур буолар физкультурниктар, бырааттыы Кириллиннэр үлэлии сылдьыбыттарыттан киэҥ туттабыт. Степан Степанович, Алексей Степанович мииигин үөрэппит учууталлар. Тус бэйэм кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим: учуутал үөрэнээччи икки ардыгар сыһыан, хайдах оҕолору дьарыктыырга, тэрээһиннэри тэрийэргэ. Алексей Степанович дьиҥнээх легкоатлет этэ, оттон Степан Степанович военрук, ОБЖ учуутала, оччолорго начальная военная подготовка (НВП). Маны этэн туран, үөрэппит учууталларбын ахтыахпын баҕарабын, оҕолору маассабайдык спортка сыһыарбыт: Петр Петрович Оконешников, Николай Николаевич Матвеев, Олег Николаевич Егоров, Александр Тихонович Сысолятин. Оҕо эрдэхпитинэ күн ахсын диэбиккэ диэри, араас таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. Үгүс киһи саныыра, ахтара буолуо, төрөппүттэр оҕолорун сүтэрэллэрин, киэһэ дьиэҕэр тиийдэххинэ мөҕүллээһиннээх буоларын. Билигин даҕаны улууспутугар энтузиаст дьон, физкультурниктар бааллар. Ол эрээри, биир көрүҥүнэн күүскэ үлүһүйэн бэлэмнээһин диэн баар буолла, онно тэҥнээтэххэ урукку учууталлар эбээһинэстэригэр барыта киирэрэ. Физкультура учуутала буоллун, барытын сатыахтааххын”, – диир гимназия дириэктэрэ.

Маассабай оонньуулары, тэрээһиннэри өрө тутарга

Оскуола волейбол, баскетбол оонньуутун былаан быһыытынан ыытар, эбии улуустааҕы, республикатааҕы күрэхтэһиилэри эбэн кэбис. Ааспыт сылга пандемия туран кыра ыһыллыы-тоҕуллуу баара өйдөнөр. Уһун сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн, икки ардылара тэйсибит оҕолору биир сомоҕо, хамаанда оҥорор туһуттан футбол оонньуутун тэрийэр үтүө үгэстээхтэр.

Өссө биир олус үчүгэй тэрээһиннээхпит – байыаннай хомуур. Улууска маннык курдук тэрээһиннэри атын оскуолалар ылсан күүскэ үлэлэһэллэригэр баҕарабын. Ити курдук хас биирдии гимназист саллаат таҥаһын кэтэн сибиэһэй салгыҥҥа биир хонукка айан суолугар турабыт. Тэрээһиммит аата-суола этэрин курдук, маныаха сыһыаннаах күрэхтэһэр түһүмэхтэри оҥорон оҕолорбутун тургутан көрөбүт.

Былыр оҕо саамай сөбүлүүр оонньуута лапта, былаах былдьаһыыта этэ. Маныаха сыһыаннаах тэрээһини сааскы сынньалаҥ бүттэҕинэ, муус устар маҥнайгы күннэригэр (Доруобуйа күнэ), таһырдьа сылаас күннэр үүннэхтэринэ, эмиэ биир киһи курдук тоҕо ааҥнаан айылҕаҕа тахсабыт. Кыһыны быһа биир дьиэҕэ хааллан олорбут оҕолор үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ, сирэйдиин-харахтыын сырдыылларыттан биһиги үөрэбит. Доруобуйаны тупсарар хас да түһүмэхтэрдээх күрэхтэһии тэрийэбит. Уурбут-туппут курдук, түһүүлээх-тахсыылаах трассаҕа биатлон, хайыһар тэбэн элээрдэллэр. Чаҕылыччы тыкпыт күн саҕахха түһүүтэ, бары харааран кэлэбит», — диэтэ үөрэх тэрилтэтин салайааччыта.

This post was published on 15.03.2021 10:30 10:30