Күөх маай бырааһынньыгын иннинээҕи күн, Саха Ресубликатын дьахталларын хамсааһыннарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, “ Кэскил” оҕо издательствотын директора Анжелика Андреева, “Кэскил” оҕо хаһыатын отделын начальнига Анна Пермякова, Нинель Малышева салайааччылаах “Лидер кыргыттар” общественнай түмсүү Нам улууһугар тахса сырытта.
Муус устар ыйга буолан ааспыт Дьахталлар съезтэрин кэнниттэн, республика араас улуустарыгар ордук эдэр дьоҥҥо хамсааһын тахсыбытын бэлиэтиэххэ сөп. Ол курдук, Нам сэлиэнньэтигэр олорор, үлэлиир эдэр специалистэр, эдэр хаһаайкалар “ Айталы Куо” диэн активист кыргыттар түмсүүлэрин тэрийэн, улуус эдэр специалист кыргыттарын 1 форумун тэрийэн ыыттылар. Олоҥхо дьиэтин директора В.В.Колпашникова үтүө сүбэтинэн, кыргыттар нэдиэлэҕэ хаста да мустан, иистэнэргэ, туоһунан, оҕуруонан о.д.а. матырыйаалтан араас оҥоһуктары оҥорон, талааннарын арыйан, түмсүүлээх буолуу биир үтүө хаачыстыбатын толору баһылаабыттар.
Бу күн куораттан тиийбит делегация лидер кыргыттара кыттыылаах, семинар, торт оҥоруутун, кэрэ сэбэрэни тупсарыы кистэлэҥнэрин арыйар маастар-кылаастар бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик аастылар. Эҕэрдэ концерт көрдөрдүлэр, улуус талааннаах тарбахтаах эдэр кыргыттарын үлэлэрин быыстапката турда.
Улуустааҕы дьаһалта дьиэтин актовай саалатыгар улуус бары кэриэтэ нэһилиэктэриттэн, дьахталлар түмсүүлэрин үүннээн-тэһииннээн үлэлэтэ сылдьар далбар хотуттар көрсөн, үлэлэрин кэпсээтилэр, санааларын атастастылар, кыһалҕаларын быһаарыстылар.
Түмүккэ, “Нам улууһа” МТ дьаһалтата, баһылыгы бастакы солбуйаччы И.И. Сивцева уонна Дьахталлар хамсааһыннарын Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ А.Е.Андреева хардарыта, ыкса сибээстээхтик үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр.
Былыр-былыргыттан, ийэ — иэримэ дьиэни иччилээччинэн, алаһа дьиэни араҥаччылааччынан буолар. Нам улууһун дьахталлара дьиэ-уот күннээҕи кыһалҕатын быһааран, нэһилиэк араас саастаах олохтооҕун общественнай үлэҕэ кытыннаран, киэҥ хайысхалаах үлэни ыытарын, олохтоохтор киэн тутта кэпсээтилэр.