Хамаҕатта нэһилиэгэр Владимир Герасимов салайааччылаах “Сэргэ” бааһынай хаһаайыстыба аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир хотоно үлэҕэ киирдэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ алгыһынан бэлиэтээтилэр.
Аныгылыы тутуулаах хотоҥҥо Саха Республикатын Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыктара Юрий Слепцов, Иван Максимов, “Основа” тэрилтэ салайааччыта Юрий Попов ыалдьыт буоллулар, эҕэрдэ тылларын, баҕа санааларын эттилэр.
Саҥа хотон өр сылларга тахсыылаахтык үлэлииригэр, ынах-сүөһү үксүү турарыгар бэйэтин тылын Нам улууһун алгысчыта Петр Охлопков-Алгыс Бүөтүр иһитиннэрдэ.
Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Владимир Афанасьевич ыалдьыттарын “Кэскил” балаҕаҥҥа тардыллыбыт сахалыы маанылаах остуолугар ыҥырда. Ыалдьыттар, улуус бөдөҥ кэтэх, бааһынай хаһаайыстыбалара биирдиилээн “Сэргэ” бааһынай хаһаайыстыбаҕа баҕа санааларын эттилэр, ырыа бэлэх ууннулар. Ону тэҥэ, Люция Герасимова чугас аймахтара урукку сыллартан Герасимовтар дьиэ кэргэн туруу үлэһит дьиэ кэргэн буолалларын бэлиэтээтилэр, ахтан-санаан аастылар.
Кырдьык даҕаны, Владимир Герасимов Хамаҕатта, Нам улууһа киэҥ туттар киһитэ. Киһи эрэ барыта санаммат күүстээх дьыалатыгар ылсан үлэлиирэ хайҕабыллаах.
Ааптар: Харысхан Попов, Нам улууһа
This post was published on 23.12.2019 16:55 16:55