Нам улууһун Арбыныгар уу таһыма үрдүү турар

Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр суһал быһыыга-майгыга бэлэм олоруу режимэ биллэрилиннэ. Онно уу таһыма үрдүү турар диэн, Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун- дьаһаҕын куттала суох буолуутун хааччыйар госкомитет бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов иһитиннэрдэ.

«Критическэй бэлиэ 897 см буоллаҕына, бэс ыйын 3 күнүгэр Арбын таһыгар уу таһыма 866 см буолбут. Олохтоох ЧС хамыыһыйата ыксаллаах быһыыга-майгыга толору бэлэм олорор. Нэһилиэнньэни култуура дьиэтигэр быстах кэмҥэ олордор гына дьаһаллар ылылыннылар. Сүөһүнү үрдүк сиргэ үүрэ сылдьаллар«, — диэтэ Иннокентий Андросов.

Кини этэринэн, уу Уус-Алдан Өспөх уонна Чэриктэй нэһилиэктэригэр эмиэ кутталы үөскэтэр. Онно Учур өрүс иккис долгуна Алдан өрүс тардыытыгар тахсыан сөп.

«Бу уу сыыйа-баайа түһүөҕэ, Алдаҥҥа аныгыскы уонна кэлэр нэдиэлэҕэ уу таһымын үрдүүрүн сылыктыыллар«, — диэтэ Андросов. Өлүөнэ өрүскэ муус хамсааһына төрдүгэр киирбитэ.

Хотугу өрүстэргэ туруктаах быһыы-майгы оннунан хаалар.

This post was published on 03.06.2022 12:03 12:03