Саха омук түҥ былыргыттан тимири уһаарар. Ааспыт кэмнэргэ тимир оҥоһук омук тыын суолталаах кыһалҕатын толуйар эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ тимири уһаарыы — саха омуга былыргы үгэстэрин культуратын харыстыыр биир сүрүн соруга. Нам улууһугар былыргы саха тимирин уһааран ылар дьоҕур сөргүтүллүбүтэ 10 сылыгар аналлаах тэрээһин Таастаахха буолла.
Бу күҥҥэ Чурапчы, Сунтаар, Ньурба, Амма, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустарын уонна Дьокуускай куорат уустара түмүстүлэр. Кинилэр кыттыһан түөрт оһоххо уһааран, биир булат тимири оҥорор оһоххо үлэлээн бардылар.
Таастаах нэһилиэгэ тоҕо «Таастаах» диэн ааттаммытын үөрэтэр-чинчийэр сыаллаах, 2000 сыллаахха Нам 1 №-дээх орто оскуолатын учуутала Юрий Степанович Сивцев экспедиция тэрийэр. Кини былыргы уустар олорбут сирдэрин чинчийиини саҕалыыр.
Юрий Сивцев салалтатынан 9 оскуола оҕотуттан састааптаах экспедиция хас да сыл Таастаахха тимир ууһа — Дүлүҥ оҕонньор олорбут сирин үөрэтэллэр, хантан тимири уһаарар тааһы ылан уһаарарын көрдөөн үгүс үлэни ыыталлар. Чаакыйа үрэҕи усталыы-туоралыы сыыйа сатыы хааман, барытын кэрийэн көрдөөбүттэр.
Элбэх үлэ түмүгэр, 2010 сыллаахха, Намнааҕы П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейын экспедицията тимири уһаарар оһох оннун уонна тимирдээх тааһы Чаакыйа үрэх төрдүгэр, «Таас ылар» диэн сиртэн булбуттар. Дьокуускайга «Институт геологии алмаза и благородных металлов СО РАН» киллэрэн көрдөрөн, чинчитэн чахчы руда буоларын дакаастаабыттар. Онтон саҕалаан, тааһы уһаарар оһоҕу оҥоруу уонна уһаарар сири толкуйдаан көрдөөһүн, туруорсуу үлэтэ барбыт.
Василий Герасимов, Таастаах нэһилиэгэ:
— Нам улууһугар 2011 сыл күһүнүттэн Таастаах нэһилиэгэр Максим Поповтуун тимир уһаарар оһох оҥорон, уһаарыыны бастакынан саҕалаабыппыт.( 9-с хаартыска)
2012 сыллаахха Дүлүҥ оҕонньор сыдьааннарын мунньан, Таастаахтан төрүттээх « Хомустаах Бастакы нэһилиэгэ» МТ баһылыга Александр Атласов кыттыыллаах, Намнааҕы П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейа уһаарыыны тэрийэн Таастаахха ыыппыта.
Биһиги саҕалыахпыт иннинэ республикаҕа биирдиилээн дьон Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа уһаараллар этэ. Хаҥаластан Александр Даниловы, Мэҥэ Хаҥаластан Егор Романовы кытта билсэн элбэҕи көмөлөһүннэрбиппит, бииргэ уһааран үлэлээбиппит.
1993 сыл “Сата” уустарын түөлбэлэригэр бастакы уһаарыыны, ол кэннэ 2001 сыллаахха Федот Тумусов кыттыылаах Үө һээ Бүлүү Кэнтигэр “Чап” уустара олорбут сирдэригэр уһаарыы онорбуттарын билэбин.
Нам улууһун уһаарааччылара бу 10 сыл устата республика араас улуустарын кэрийдилэр. Уһаарыыны интэриэһиргиир дьону булан, Нам улууһугар ыҥыран, көмөлөһөн, симэлийэн эрэр төрүт саха дьарыгын сөргүтэр үлэлэрин ыыттыбыт.
Максим Попов билигин биллэр тимир ууһа буола үүннэ. Саха сиригэр булат тимири буһарар уус 3-4 эрэ киһи баар. Бу идэ — Илин Сибииргэ да суох сэдэх идэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Нам улууһугар тимир уһаарыыга дьахталлартан Таастаах нэһилиэгин олохтооҕо Любовь Атласова элбэхтэ уһаарыста, уопутурда.
2019 сыллаахха улууска ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар 11 оһоххо тимири уһааран, ханна да буола илик улахан тэрээһини ыыппыттара, ыалдьыттар, уустар биһирэбиллэрин ылбыттара.
Намҥа тимир уһаарыытын ыытарга П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музей үлэһиттэрэ:
Иннокентий Захарович Кривошапкин, Александр Иванович Копырин, Тарас Прокопьевич Никонов көмөлөһөн, элбэх сүбэни биэрэн, өй-санаа өттүнэн өйөөн, тааһы уһаарар үлэ табылынна. Билигин улууска кимтэн да тутулуга суох бэйэлэрэ уһаарар кыахтаах, уопуттаах 7-8 тимир ууһа баар буолла, суруйда
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата