Социальнай хантараак — олох алын кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах ыал, эбэтэр соҕотох олорор киһи хантараак түһэрсэн(көмө ылан), бэйэ дьыалатын тэринэн, үлэтэ суох киһи социальнай контракт нөҥүө үлэ булан, дьиэ кэргэнин, бэйэтин дохуотун үрдэтии буолар, бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Нам улууһугар, 2023 сыл 9 ый түмүгүнэн, уопсайа 133 киһи 22,6 мөл. солкуобай суумаҕа социальнай контракт түһэрсэн көмө харчы ылла», диэн Намнааҕы социальнай харалта управлениетын салайааччыта Феврония Охлопкова кэпсээтэ.
Социальнай хантараак бэриллэр бэрээдэгэ – тустаах киһиттэн, ыалтан олохтоох дьаһалтаҕа сайабылыанньа киирдэҕинэ, анал хамыыһыйа 5 хонук иһигэр ол киһи, эбэтэр ыал дьиэтин-уотун, олорор усулуобуйатын, дохуотун көрөн бэрэбиэркэлээн акт оҥорор. Ол түмүгүнэн улуустааҕы социальнай харалта управлениетыгар хадатаайыстыба түһэр.
This post was published on 29.09.2023 16:03 16:03