4 Ахсынньы 04.12
  • -28°
  • $ 106,19
  • 112,02

Нам улууһугар үс туоннаттан тахса дьиикэй көнөпүлэни полициялар суох оҥордулар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Нам улууһун биир бөһүөлэгэр полиция сотрудниктара айылҕаҕа үүнэр көнөпүлэни буллулар. Бобуулаах үүнээйини үс туоннаттан тахсаны суох оҥордулар. Ол туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

ИДьМ сотрудниктара дьиикэй бобуулаах үүнээйини «Мак-2024» суһал-профилактическай дьаһал чэрчитинэн буллулар.

Саха сиринээҕи казачай уопсастыба бэрэстэбиитэллэрин уонна волонтердары кытта полициялар охсон уонна харбаан суох оҥордулар. Иэнэ 1,3 гектар.

ИДьМ санаппытынан, наркотик састааптаах үүнээйини олордор бобуулаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар