2 Хомустаахха кэрэ айылҕалаах Өлүөнэ өрүс үрдүгэр Василий Винокуров салайааччыта «Сайдар кут» ХЭТ «Лазурный берег» диэн ааттаан туристическай сынньалаҥ базатын тутта сылдьар.
Үлэ хаамыта хайдах бара турарын билсэ «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, баһылыгы тыа хаһаайыстын хайысхатыгар солбуйааччы Ефим Гоголев уонна «2 Хомустаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Афанасий Дмитриев баран кэллилэр. Тустаахтар иһитиннэрбиттэринэн, турбаза тутууларын бэс ыйын 17 күнүгэр диэри бүтэрэн, үлэтин саҕалыахтаах. Билиҥҥи туругунан матырыйааллара бэлэм, биир дьиэ тутуллан бүппүт, өссө эбии дьиэлэри, беседкалары уо.д.а. оҥоруохтара.
Турбаза силигин ситэн үлэҕэ киирдэҕинэ, сынньана кэлэр дьон Өлүөнэ өрүс устун устуохтара, балыктыахтара, сир аһын хомуйуохтара. Сири-дойдуну, айылҕа кэрэ көстүүлэрин көрөн дуоһуйа сынньаныахтара. «Төрөөбүт дойдубар дьон сынньанарыгар анаан туристическай базаны үлэлэтиэм диэн күүстээх санаалаахпын. Этэҥҥэ табылыннаҕына нэһилиэгим да дьонугар үлэ миэстэтэ тахсыа этэ. Хас да дьиэни тутуохпут, беседкалары оҥоруохпут. Матырыйаала барыта бэлэм. Базабыт биллэрин курдук өрүс нөҥүө, онон катерынан дьону таһар усулуобуйа олохтонуоҕа», — диэн Василий Винокуров бэйэтин санаатын эттэ.
This post was published on 07.06.2016 10:31 10:31