Нам улууһугар халаан уута ааһар кэмигэр сүөһүлэри, сылгылары үрдүк сиргэ таһаараллар

Бүгүҥҥү туругунан, Нам улууһугар 4-түү чааһынан уу таһыма 30-40 см эбиллэр. Арыыга киирбэт буолууга сэрэтии үлэтэ ыытылла турар. Нэһилиэк баһылыктара олохтоохторун хонтуруолга ылан олороллор. Арыыттан бүгүн-сарсын сүөһүлэри, сылгылары таһаараллар.


Ыам ыйын 17 күнүгэр сарсыарда 08:00 чааска, муус барыытын алын кирбиитэ Покровскай оройуонугар бэлиэтэммитэ, уһуна 800 км тэҥнэспит. Табаҕаҕа ууну кэтээн көрөр пост таһынан уу таһыма 637 см-га тэҥнэспит, түөрт чаас иһигэр 20 см-нан эбиллэрин этэллэр.

Хаҥалас микрооройуонугар баар пост көрдөрүүтүнэн, түөрт чаас иһигэр уу таһыма 54 см тахсыбыт. Сарсын Дьокуускай, Жатай, Кангалас аннынан муус устара күүтүллэр. Онтон Нам территориятыгар киирэр.

Сарсыҥҥыттан нэһилиэктэргэ дьуһуурустуба саҕаланан биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа 4-түү чааһынан уу таһымын иһитиннэриэхтэрэ.

Кэбээйи улууһун Батамайын аннынан күнүс харыы тахсыбыта бэлиэтэммит. Арбыҥҥа үрэхтэргэ кыралаан уу киирэн эрэр. Бу туһунан гражданскай оборуона сүрүннүүр Намнааҕы исписэлииһэ Николай Монастырев https://www.instagram.com/gazeta_enseli/ иһитиннэрдэ

This post was published on 17.05.2021 17:01 17:01