Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Чэбдигирэр сүүрүү уонна хаамыы» декадата ыытылынна. Манна улуус уонна Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын, үөрэх, культура, спорт управлениетын үлэһиттэрэ, тэрилтэлэр, оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар, общественнай түмсүүлэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Бу тэрээһиҥҥэ кыттаары мустубут дьоҥҥо И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледж студеннарын «Бининс» педотряда эти-хааны сылытарга анаан флеш-моб тэрийдилэр, «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Андрей Новгородов, физическэй культура уонна спорт управлениетын салайааччы Павел Иванов, республикатааҕы оҕо анал спортивнай оскуолатын чэпчэки атлетикаҕа тренерэ Владимир Сюзков декадаҕа кытта кэлбит оҕолору, үлэһиттэри чөл олох күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр, чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар баҕардылар.
Кыттыылаахтар М.К. Аммосов болуоссатыттан саҕалаан баран, стадиоҥҥа тиийэн түмүктээтилэр. Ол кэнниттэн Альберт Соловьев баҕалаахтарга, билигин дьон-сэргэ сэргээн дьарыктанан эрэр, скандинавскай хаамыыга маастар кылаас ыытта.
Павел Иванов, физическэй культура уонна спорт управлениетын салайааччы: «Сыллата бу курдук чөл олоҕу тутуһарга угуйар араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка улууспутугар ыытыллаллар. Чэбдигирэр сүүрүү уонна хаамыы күнүгэр төһө да ардах таммалаатар дьаһалта баһылыктара, тэрилтэ үлэһиттэрэ, оҕолор көхтөөх кыттыыны ыллылар. Чөл олоҕу тутуһуу, чэгиэн буолуу бэйэбититтэн тутулуктаах, онон оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ чөл олоҕу тутуһалларыгар баҕарабын».
This post was published on 18.05.2016 14:47 14:47