Нам улууһугар браконьердар хатыыһы 1,1 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа бултаабыттар

Дьокуускай куорат икки олохтооҕун 7 ахсааннаах Сибиир хатыыһын сокуоннайа суох бултааһыҥҥа буруйдууллар. Хоромньу суумата 1,1 мөл. солк. тахса буолбут, диэн СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Нам оройуонугар Өлүөнэ өрүскэ эр дьон 7 Сибиир хатыыһын туттарбыттар, бу көрүҥ ураты сыаналаах уу биологическай ресурсаларыгар киирсэр. Хоромньу суумата 1,1 мөл. солк. тахса буолбут.

Дьокуускайга тахсан истэхтэринэ эр дьону «Нам» массыына суолун 78 км учаастагар полиция тохтоппут, бултаммыт балыгын былдьаабыттар.

Холуобунай дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыттылар.

This post was published on 16.08.2022 13:01 13:01