Нам сэлиэнньэтигэр Татьяна Осипова салайааччылаах «Ипподром» түөлбэҕэ “Мой любимый дворик” диэн бэрт интэриэһинэй хаартысканан күрэх ыытылынна. Күрэхтэһии кыайыылаахтарыгар, кыттыылаахтарыгар грамоталар, дипломнар, сертификаттар туттарылыннылар.
Куонкурус кыайыылаахтарынан Сардаана Павлова (Парковай уул.), Светлана Кутукова (Г. Попов уул.), Людмила Григорьева (Березовай уул.) таҕыстылар. Анал ааттар: «Лучший цветущий дворик» — Александра Степановаҕа (Г. Эверстов уул.), «Лучший креативный дворик» — Анна Эверстоваҕа (Т. Замятин уул.) ананнылар. Биһирэбил бириистэр Клара Матвееваҕа (Новобольничнай уул.), Тамара Уваровскаяҕа (Решетников уул.) тигистилэр.
Тамара Уваровская, хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ: “Кыайыылаах тахсыбыт Сардаана Павлова тэлгэһэтэ олус сэргэх оҥоһуулаах, тутуулардаах. Эһиил куонкуруспутун өссө кэҥэтэн ыытыахпыт. Үчүгэй спонсордары көрдүөхпүт. Кэрийэ сылдьан көрүөхпүт уонна түмүктүүр тэрээһиммит бастыҥынан ааттаммыт тиэргэҥҥэ ыытыллыаҕа”.
«Даадар» түөлбэ – өрүс салаатын үрдүгэр турар буолан, олус ыраас айылҕалаах, киһи хараҕын сылаанньытар кэрэ көстүүлээх сир. Манна сайын эрдэттэн уу ситимэ үлэлээн, олохтоохтор оҕуруоту хото олордоллор.
Татьяна Сидорова, “Даадар” түөлбэ салайааччыта: “Биһиги түөлбэбит олохтоохторо тиэргэннэрин араастаан сиэдэрэйдик оҥостоллор. Ол курдук, Елена Протопопова оҥоһуктарын сыл аайы элбэтэн иһэр. Олус көхтөөх киһи бары тэрээһиннэргэ ис дууһатыттан кыттар. Күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа үчүгэйдик бэлэмнэнэн, диплом уонна самовар бэлэх ыллыбыт, кыайыылаах түөлбэ аатын сүктүбүт. Елена – саамай үлэһит киһим, киниэхэ махталым улахан. Елена сибэкки арааһын: хокияны, астраны, петунияны, цинияны о.д.а үүннэрэр, тиэргэнэ өлгөм үүнүүтүнэн сөхтөрөр. Оҕуруот аһыттан моркуобу, сүбүөкүлэни, дьэдьэни, тыкваны дыняны, баклажаны, хортуоппуйу, оҕурсуну, кабачогу табан олордор.
Оттон Евдокия Петухова сэдэх үүнээйилэри ыһар. Ол курдук, яблоко, клубника, дьэдьэн олордор. Быйыл винограды боруобалаата”, суруйда Анастасия Корякина @anastasya_korakina
This post was published on 22.09.2021 15:02 15:02