Нам предпринимателлэрэ туризм хайысхатыгар уопут атастаһа Хаҥаласка сырыттылар

От ыйын 26 күнүгэр «Нам улууһа» МТ баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар уонна предпринимательствоҕа солбуйааччы Ефим Гоголев салайааччылаах улуус предпринимателлэрин бөлөҕө  Хаҥалас улууһугар үлэлии турар «Төхтүр» спортивнай-аралдьытар комплекска, «Өктөм-парк» туристическай баазаҕа уонна «Булуус» туристическай комплекска уопут атастаһа сырыттылар.


Нам улууһун делегациятын «Хаҥалас улууһа» МТ предпринимательство уонна туризм хайысхатын сүрүннүүр исписэлииһэ Сардаана Максимова иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Хаҥалас турбазаларын салайааччылара олус истиҥник көрсөн үлэлэрин ис хоһоонун, туох ыарахаттары көрсүбүттэрин, хайдах тэриммиттэрин, туох өйөбүл-көмө баарын сиһилии билиһиннэрдилэр.

«Нам улууһа» МТ баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар уонна предпринимательствоҕа солбуйааччы Ефим ГоголевХаҥаласка туризм хайысхата күүскэ сайдан дьон сэргэ тоҕуоруһа мустар сиринэн буолара биллэр. Онтон бу кэнники сылларга Намҥа эмиэ туризм хайысхатыгар болҕомто ууруллан эрэр. Нэһилиэктэргэ, холобур, Таастаахха, Модукка, Арбыҥҥа, Хамаҕаттаҕа уо.д.а. туризмы сайыннарар үлэни саҕалыы, бырайыактыы сылдьаллар. Билигин «Песчаная гора», «Кобяконская курья» турбазалар үлэлии тураллар уонна соторутааҕыта 2-с Хомустаахха «Лазурный берег» аһыллан үлэтин саҕалаата«, — диэн эттэ.

Дьыалабыай сырыыга Хамаҕаттаттан предпринимателлэр Сергей Жирков уонна Олег, Саргылана Дмитриевтар, Арбынтан «Тэкиидэ» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Петр Бугаев, «Таастаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Евгений Федотов, «Модут нэһилиэгэ» МТ баһылыга Петр Сокольников кыттыыны ыллылар.

This post was published on 28.07.2016 17:34 17:34